"АЙАР" АЛЫПТААХ КИНИГЭЛЭРЭ

Семен Андреевич Новгородов аатын сүгэр национальнай кинигэтин кыһата «АЙАР» быйыл тэриллибитэ 95 сыла. Бу бириэмэ тухары төһөлөөх элбэх кинигэ бэчээттэнэн тахсан күн сирин көрбүтэ буолуой ?! Биллэн турар, кинигэ ис хоһоонунан эрэ буолбакка, бастатан туран тас көрүҥүнэн киһи болҕомтотун тардар. Ол курдук кэлиҥҥи кэмҥэ хампаанньа бэрт тупсаҕай, ураты кинигэлэри киэҥ араҥаҕа таһаарар буолла. Бэчээккэ тахсыбыт сонун көстүүлээх кинигэлэри кытта билиһиннэрэбит.   

АЛГЫСТАН, АРЧЫЛАН!

«Алгыс баһа сыалаах» диэн мээнэҕэ этиллибэт. Алгыс, сатаан табан эттэххэ, үгүс туһаны аҕаларын, үтүөнү түстүүрүн саха киһитэ барыта билэр, өйдүүр. Бар дьон айыы аартыгын арыйан, күн суолун тутуһан күннээҕи олоҕор, инники кэскилигэр бигэ эрэллээх буоларыгар көмөлөһөргө туһуламмыт холбука – хас биирдии саха ыалыгар баар буолуохтаах ытык мал.

Бу «Алгыстан, арчылан!» холбукаҕа бигэтик олохсуйбут, дьэҥкэтик өйдөнөр алгыс тиэкистэрэ ис хоһооннорунан анал тиэмэлэргэ наарданан тус-туһунан кинигэлэгэ түмүллэн киирдилэр. Кыра кээмэйдээх кинигэлэр илдьэ сылдьарга табыгастаахтар, киһи хаһан баҕарар арыйа баттаан ааҕан, үөрэтэн, алгыска туһанан барыан сөп. Ону таһынан, холбука иһигэр эһиги алгыс толоруллар туомугар наадалаах тэриллэри: сыт таһаарарга аналлаах сиэли, арчылыырга туттуллар боҕуруоскай оту, ону тэҥэ араас малы-салы да угар, арыыны-саламааты да кутар мас иһити бэлэх тутуоххут.

Сырдык санаанан салайтарыҥ, алгыс күүһүнэн арчыланыҥ !

ЭДЬИИЙ ДОРА

Күн сиригэр туох барыта эргийэр иигэ тэҥнэх. Киһи олоҕун-дьаһаҕын, үлэтин-хамнаһын, этин-сиинин, өйүн-санаатын Айылҕа эргииригэр, күн-дьыл эргииригэр дьүөрэлээтэҕинэ эрэ ситиһиилэнэр диэн санаа бу кинигэ сүрүн ис хоһооно. 

Бастатан туран, кинигэ сорох матырыйааллара Нина Иннокентьевна Протопопова Эдьиий Дора туһунан урукку суруйууларыгар киирэн ааҕааччы сэҥээриитин ылбыттарын ахтан ааһар тоҕоостоох.

Иккиһинэн, ааптар быраабын туһунан Нина Иннокентьевна урут бэччэккэ тахсыбыт матырыйаааллары бу кинигэҕэ тиэмэлэринэн арааран киллэрбитэ оруобуна уон икки түһүмэх буолбут. 

Үсүһүнэн, кинигэ кэпсэтии киэбинэн суруллубут. Бу уустук көрүҥ. Кэпсэтии, санаа үллэстиитэ, ыйытыктарга хоруйдааһын, бөлүөктээһин биир тутаах көрүҥүн быһыытынан сыаналанар.  

"ТӨРҮЧЧҮ"

тороччу
WhatsApp Image 2021-07-21 at 13.14.11

«Төрүччү» – удьуору үйэтитэр, аймаҕы ааттатар, көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэр ытык кинигэ. Таһаарыыга киирэр:

«Төрүччү: өбүгэ ситимэ, күүһэ, көмүскэлэ» чараас эйгэни кытта ыкса ситимнээх, дириҥ ис хоһоонноох тэттик кинигэ. Өбүгэлэрбит биһиги билиҥҥи олохпутугар, куппутугар-сүрбүтүгэр дьайыыларын туһунан сонун, сороҕор мөккүөрдээх да соҕус көрүүлэри бу санаа лоскуйдарыттан таҥыллыбыт эзотеричесэй суруктартан булуоххутун сөп. Бу санаа үөскэтэр, толкуйдатар көҥүл тыыннаах суруйуу. 

САХА ЫАЛЫН БАСТЫҤ КИНИГЭТЭ


Хомуурунньук аныгы саха ыалыгар сүбэ-ама, көмө буоллун диэн, төрүт култуураны уонна төрүт үөрэҕи чинчийээччилэр үлэлэриттэн таҥыллан оҥоһуллубут.

Бу кинигэттэн саха дьоно, ыччата олоххо улахан суолталаах уларыйыылары (уруу, оҕолонуу, дьиэ туттуу уо.д.а.) туох-ханнык сиэр-туом тутуһуохтааҕын билиэҕэ, өбүгэ үөрүйэҕинэн кэлэр кэмҥэ туох күүтэрин сылыктыаҕа.

Манна эр киһи байанайдаах, дьахтар толору сандалылаах, дьиэ кэргэн чэгиэн-чэбдик буоларыгар, оҕону иитиигэ, хороҕор муостааҕы, сыспай сиэллээҕи көрүүгэ-истиигэ быһаччы сүбэлэр киирдилэр.

Омук быһыытынан уратыбытын көрдөрөр, өбүгэбит үйэттэн үйэҕэ, көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллибит үгэстэрэ, өйүн-санаатын сүмэтэ, олоххо-дьаһахха үөрүйэҕэ, түмүллүбүт хомуурунньуга бүгүҥҥ; саа ыалыгар күннэтэ туһанар кинигэнэн буолар.

Быыкаа кинигэ түмэлэ

20 саха талааннаах суруйааччыларын уонна хоһоонньуттарын айымньылара биир сиргэ түмүллэн ураты кинигэ хоппото буолан тахсыбыта. Кинилэр дьикти уус-уран тылларынан суруллубут кэпсээннэрэ, сэһэннэрэ, хоһоонноро хас биирдии ааҕаччыны умсугутуо, кэрэхсэтиэ.

WhatsApp Image 2021-07-15 at 12.15.04

«Ыһыах – айыылардыын алтыһар кэм"

Ыһыах – саха норуотугар олоҕу уруйдуур дьоро кэм. Бу күннэргэ дьон бары ыраастанар, Үрдүк Айыылартан, иччилэртэн үтүө олоҕу көрдөһөн, үгүс сиэри-туому толорор, үгэстэри тутуһар. Бу таһаарыыттан элбэх ыйытыкка хоруйу булуохха сөп: «Ыһыахха хайдах сөпкө тэриниэххэ?», «Тугу кэтиэххэ?», «Түһүлгэни хайдах киэргэтэр сөбүй?», о.д.а. 

Бу кинигэлэри уонна да атыттары куорат библиотекаларыттан уларсыаххытын сөп.

 

Туһаныллыбыт литература:

«АЙАР» национальнай кинигэтин кыһата саайта уонна хаартыскаҕа бэйэ түһэриитэ.

Виртуальнай выставканы бэлэмнээтэ библиотекарь Саргылаана Потапова