1898 сыллаахха урукку ааҕыынан тохсунньу 31, аныгынан олунньу 13 күнүгэр Үөhээ Бүлүү улууhун Харбалаҕар сүөhү иитиитинэн дьарыктанар сэниэ ыалга төрөөбүт. Аҕата Бараах уола Ньалбаахаан Микииппэр (Иванов Никифор Иванович) — дьаданы уола, бэйэтин хара күүhүнэн уонна үлэтинэн байбыт-тайбыт киhи. Саха биллиилээх устуоруга Е.Е. Алексеев суруйарынан байарыгар үс суолу тутуспут — хаарты, сир оҥорон бурдук үүннэрии уонна сүөhү иитиитэ. Ийэтэ Өлөөнө Өргүөт нэhилиэгин Арбаҕастаах аҕтын ууhуттан төрүттээҕэ. Бу ыал оҕо үөhөлүүлээх буолан, Исидор төрөөбүтүгэр оччотооҕу сиэринэн абааhыттан куоттаран үс сыл ийэтин аймахтарыгар Баhылай Наҕабыыhыннаахха (Чэччэйдээххэ) Өргүөккэ үс сыл ииттэрбиттэрэ. Онтон ыалга иккис уол Дьуона төрөөбүтэ, оҕолоругар ханыы гынаары элбэх оҕолоох аймахтарыттан өссө биир уолу Анньыыhыны ииттэ ылбыттара.
Куорамыкыга Монастырев учууталга аан бастаан үөрэммитэ. Бу үөрэнэр сылларыгар убайынаан Аньыыhынныын атыыhыт Дьөгүөр (Георгий) Батаакапка олорбуттара. Батаакаптар кыыстара Мусялыын, уоллара Серафимныын улааппыттара.
12 саастаах Исидор 1910 с. Бүлүү куорат начальнай училищетыгар киирбитэ. Училище 1913 сыллаахха үрдүкү училище стаатуhун ылбыт. 1914 с. бүтэрбитэ. Бу сылларга а5ата уруккуттан билсэр атыыhыта Николай Расторгуев дьиэтигэр олорбута. Исидоры кытта оччо5о Степан Аржаков, Степан Гоголев, Николай Бубякин, Дора Жиркова, Муся Потапова, Дмитрий Очуров, Георгий Павлов, Г. А. Шадрин, А. П. Егоров, Степан Иванов о.д.а. үөрэммиттэрэ. Училище дириэктэринэн Попов Иван Васильевич, оттон 1912 сыллаахтан математика уонна физика учууталынан А.Е. Кулаковскай (Өксөкүлээх) үлэлээбитэ. П.Х. Староватов, эдэркээн Марк Жирков учууталлыыллара. 1912 с. кылгас кэмҥэ нуучча тылын Сэмэн Новгородов үөрэтэ сылдьыбыта.
1914 с. ахсынньытыгар үөрэ5ин бүтэрэн баран Расторгуевка үлэлээбит. Бу сылдьан тохсунньуга Дьокуускайдаа5ы учууталлары бэлэмниир сэминээрийэ дириэктэригэр үөрэххэ киирэр туhунан көрдөhүү түhэрбит. Күhүн Үөhээ Бүлүү быраабатыгар дьыаланы устааччынан үлэлээбит, онтон сыылынай Т.П. Алфер сүбэтинэн земскэй сэтээтэл Г.Ф. Корякиҥҥа суруксутунан киирбит. Бу киhи дьиэтигэр олорбут, онтон кинини кытта 1915 с. күhүн Дьокуускайга барсыбыт уонна семинариятыгар киирбит.
Сэминээрийэ5э Аммосов Максимныын, Аржаков Степанныын уо д.а. кытта, барыта 17 буолан киирбиттэрэ. Биир сыл а5а Платон Слепцов (Ойуунускай) үөрэнэрэ. Үөрэнэ сылдьан литератуура куруhуогар сылдьар, кэлин салайар эбит, 1917 сыл санатыгар С. Аржаковтуун Бүлүү землячествотын түмсүүтүн тэрийбиттэрэ биллэр. Оттон «Е. М. Ярославскай революционнай куруhуогар дьарыктаммыта» диэн этии билинни кэмҥэ саарбахтанар. Исидор кэлин бэйэтэ суруйбутунан «1917 сыл олунньуга дылы политическай боппуруостарга биhиктээх кыhыл о5о» эбит. Баартыйа дөкүмүөннэригэр Барахов бассабыык баартыйа чилиэнинэн 1917 сыл бала5ан ыйыттан буолбута туоhуланар.
Уустук кэм кэлэн Бараховтаах сэминээрийэни бүтэрэр сылларыгар үөрэхтэрэ быста-быста сал5аммыта. Үс сыллаах үөрэхтэрин 1918 с. муус устарга түмүктээбиттэрэ. Бу сыл биллэрин курдук Арассыыйа5а Өктөөп өрөбөлүүссүйэтэ буолан, саҥа былаас дойдуга кимиилээхтик хааман испитэ (триумфальное шествие — Ленин быhаарыыта). Саха сирэ саҥа былааhы билиммэтэ5э. Онон уларытыы күүрээнигэр киирбит эдэр дьон Бараховтаах бастаанньа5а бэлэмнэнэн барбыттара, кистэлэҥ хаhыаты таhаараллара, сэп-сэбиргэл хомуйаллара.
Саха сирин уһулуччулаах государственнай уонна политическай деятелин, Саха АССР-ы төрүттээччилэртэн биирдэстэрин И.Н.Барахов төрөөбүтэ 110 сылыгар ананан тахсар бу кинигэҕэ кини туһунан араас сылларга суруллубут ыстатыйалар, ахтыылар уо.д.а. матырыйааллар түмүллэн киирдилэр.
В книге освещены основные вехи жизни и деятельности видного партийного, государственного и общественного деятеля И. Н. Барахова.
Настоящая книга представляет собой документальнывй очерк о жизни и деятельности выдающегося государственного, общественно-политического деятеля Республики Саха (Якутия) И. Н. Барахова. И. Барахов, как политический работник, трудовую деятельность начал с 1917 года — со времени бурных революционных событий. Он был секретарем Якутского областного комитета партии, председателем Совнаркома Якутской АССР. Его политическая и государственная деятельность шла рядом и наравне с деятельностью М. К. Аммосова. Они были друзьями и оставались верными в самые тяжкие годы испытаний.
В книге на строгой документальной основе рассказывается о жизни и деятельности выдающегося государственного, общественно-политического деятеля Якутии Исидора Никифоровича Барахова.
Бу кинигэҕэ Н.Г.Золотарев — Николай Якутскай бииргэ төрөөбүт
убайын Алексей Гаврильевич Золотарев (1906-1993 сс.) илиинэн
суруйуулара киирдилэр.
Исидор Барахов оҕо эрдэҕинээҕитин туһунан ахтыыны
Алексей Гаврильевич 1992 сыл муус устар 10 күнүгэр суруйбут. Оттон төрүччү эмиэ ити сылларга оҥоһуллубут. Манна,
Кындыл Уйбаантан саҕалаан, Бараховтар уонна Золотаревтар
төрүттэрэ сиһилии бэриллэр.
1920-с сыллардаахха саха алпаабытын, суругун сокуонун чуолкайдааhыҥҥа, саха тылын үөрэтиигэ, сайыннарыыга,үрдүк таhымҥа таhаарыыга, киниэхэ государственнай тыл анал туругун иҥэриини ситиhиигэ боччумнаах кылааты киллэрбитэ.
Холобур, биир «Сахатытыы уонна нуучча тыла» диэн ыстатыйатыгар маннык салаалар бааллар:
Оттон «Тыллар тэҥ бырааптаах буолуулара» диэн ыстатыйа5а Исидор Никифорович тыллар бырааптарын, сахатытыы туhунан сиhилии суруйар, сахатытыы — нуучча тылын үтүрүйүү буолбата5ын бэлиэтиир.
1926 с. Алампаны уонна Күндэни кытта Азербайджаан киин куоратыгар Бакууга буолбут Бүтүн Сойуустаа5ы Туур I сийиэhигэр кыттыбыта. Манна анаан «Саха алпаабытын туhунан» диэн тезистэри суруйбута.
В сборнике представлены доклады и выступления участников научно-практической конференции, в которых раскрывается жизнь и политическая деятельность И. Н. Барахова.
Кинигэ Саха Республикатын Президенин Тыл политикатын сэбиэтин үбүлээһининэн И. Н. Барахов төрөөбүтэ 110 сылыгар анаан хос бэчээттэнэн тахсар.
Велика заслуга Исидора
Никифоровича в разработке
письменности на якутском
языке. Он явился организатором
и редактором первой газеты на
якутском языке «Манчаары«,
вышедшей в 1921 г.,
переименованной в 1923 г. в
«Кыым«.
1923 с. оҥорбут дакылаатыгар тыа хаhаайыстыбатын өрө көтө5үү, кустарнай уонна ремесленнэй производствоны сайыннарыы, кыhыл көмүhү уонна күндү таастары хостооhун туhунан, Саха сирин бордууксуйатын оҥорон таhаарыыны улаатыннарыыга хаhаайыстыбаннай бэлиитикэ сүрүн хайысхаларын быhаарбыта.
«Саха өрөспүүбүлүкэтин промышленноhа, суола-ииhэ уонна инникитэ» диэн ыстатыйатыгар сиртэн хостонор баайдары суолу-ииhи тупсардахха толору көдьүүстээхтик туhаныахха сөп диэбитэ. Иркутскайтан Уус-Кукка диэри тимир суол салаатын, Дьокуускайтан Амуурдаа5ы тимир суол Рухолово (Большой Невер) станциятыгар диэри массыына суолун бырайыактааhын уонна тутуу, Дьокуускай — Охуоскай суолун чөлүгэр түhэрии, Өлүөхүмэ өрүhү күрбэ таастартан босхолоон онон Могоча тимир суол станциятыгар тахсар туhунан боппуруостары туруорбута. 1923 сыл атырдьах ыйын 1 күнүгэр Үлэ уонна Обруона Сэбиэтигэр ыыппыт суругар Өлүөнэ өрүс пароходствотын тэрийиини туруорсубута.
В настоящий сборник вошли материалы республиканской научно-практической конференции «И. Н. Барахов: создание Якутской АССР и ее экономической основы». В данное издание вошли пленарные доклады, секционные сообщения и рекомендации конференции. В сборнике на основе широкого круга источников, в том числе впервые вводимых в научный оборот, освещается роль И. Н. Барахова в формировании национальной государственности, развития промышленности, транспорта, образования, науки, культуры, подготовке кадров интеллигенции и отстаивании территориальной целостности республики. В сборнике представлен раздел «Экономические основы государственности в трудах И. Н. Барахова», где охарактеризованы различные аспекты современного состояния и пути дальнейшего реформирования экономики Республики Саха (Якутия). Книга рассчитана на специалистов и широкий круг читателей.
1921 сыллаахха хомуньуус баартыйа X сийиэhигэр Саха сириттэн куоластыыр бырааптаах со5отох дэлэгээт быhыытынан кыттыбыта (иккис дэлэгээт Былатыан Ойуунускай совещательнай куоластаах этэ). Бу сийиэс Москуба5а Кириэмилгэ кулун тутарга буолбута. Киин хонтуруоллуур хамыыhыйа дакылаатын, профсоюзтар үлэлэрин, разверстканы продналогунан уларытыыны, омуктар ыккардыларынаа5ы сыhыаны, баартыйа сомо5о буолуутун, анархо-синдикалисткай укулуон туhунан боппуруостары дьүүллээбитэ.
Бу сийиэскэ Владимир Ленин кыттыбыта. 1921-1924 сс. партия губбюротун секретарынан, САССР Совнаркомун председателинэн улэлээбитэ, партия X, XII, XV сийиэстэрин дэлэгээтэ, ССРС уонна Саха сирин Киин ситэриилээх кэмитиэттэрин чилиэнэ этэ. 1926-1928 сс. партия Саха сиринээ5и баартыйа тэрилтэтин салайбыта.
1928-1933 сс. Кыhыл профессура Институтугар уерэммитэ. Ону ситиhиилээхтик бутэрэн баран Киин кэмитиэт аппараатыгар тыа хаhаайыстыбатын салаатыгар Илин Сибиир уонна Уhук Илин сиэктэрин сэбиэдиссэйинэн улэлээбитэ.
В сборник включены статьи, тексты докладов и выступлений, архивные документы И. Н. Барахова — видного государственного и политического деятеля Якутии начала XX века, одного из основоположников государственности республики, в том числе ранее не опубликованнные и не вошедшие в 1 часть сборника документов и материало. Издание посвящено 115-летию со дня рождения И. Н. Барахова. Сборник будет полезен исследователям, краеведам и всем, кто интересуется историей Якутии.
В книге рассказывается о придуманных и преданных забвениях фактах жизни элиты народа саха, используя которые политики пишут историю Якутии. Показана связь между политическими событиями времен первых лет советской власти и событиями последних лет, свидетелями которых все мы были. Книга предназначена для широкого круга читателей, интересующихся историей своей страны и ищущих путь выхода из кризиса общественного сознания, возникшего еще во времена Советского Союза и приведшего к развалу страны развитого социализма.
1938 с. олунньу 3 күнүгэр дьэндьийэргэ уонна хаайарга НКВД-лар ордер ылбыттара. Архыыпка баар дьыала5а ол кэнниттэн 146 хонук иhигэр туох буолбута биллибэт. Бу тухары НКВД хаайыытыгар сытан «буруйун» билиммэтэх буолан доппуруос боротокуола суох диэн Е. Алексеев суруйар. Доппуруос боротокуола бэс ыйын 29 күнүттэн са5аланар. 1938 с. бала5ан ыйын 15 күнүгэр диверсийэ5э, национализмҥа, үспүйүөннээhиҥҥэ, куор5аллааhыҥҥа буруйдаан ССРС оhуобай боломуочуйалаах үрдүкү байыаннай суута ытарга уурбута. Ол күн суут бириигибэрэ олоххо киирдэ диэн Барахов дьыалатыгар тигиллэн сылдьар, ол аата 40 саастаа5ар ытыллыбыта.
1956 с. алтынньы 31 күнүгэр толору реабилитацияламмыта.
Использованная литература:
Все книги предоставлены из фонда Централизованной библиотечной системы и ЭБ НБ.
Самостоятельная регистрация на сайте Национальной библиотеки РС (Я): https://e.nlrs.ru/register
Консультации по услугам библиотеки можно получить по номеру 8 (4112) 21-75-77 или по эл.почте: 3d@cbsykt.ru
Ссылки на источники использованных материалов:
Үөһээ Бүлүүтээҕи И.Н. Барахов аатынан орто осткуола хаартыската
Централизованная библиотечная система ГО «Город Якутск» — это 18 библиотек-филиалов. На сайте cbsykt.ru вы можете узнать новости из мира библиотек, стать участником акций, мероприятий, а также воспользоваться электронными услугами!
© МБУ «Централизованная Библиотечная Система» ГО «город Якутск», 2023