Биһиги өбүгэлэрбит түҥ былыргыттан күнү-дьылы билгэлииллэрэ, көтөр-сүүрэр, кыыл-сүөл, айылҕа араас көстүүтүн кэтээн көрөннөр, ону сылыктаан дьыллыыллара уонна таҥхалыыллара.
Таҥха кэмэ Эргэ саҥа дьылтан Кириһиэнньэҕэ диэри (12/01-19/01) барар.
1. Киһи кута барсыа диэн таҥаһы таһырдьа хаалларбаттар.
2.Таҥха кэмигэр ордук хос тыл-өс тахсара сатаммат.
3. Сүллүүкүннэртэн сэрэнэн, бу кэмҥэ тымтыгынан аан, түннүк үрдүнэн, дал, хотон айаҕар кириэс саайаллара.
4. Субу кэмҥэ хаһан эрэ, ханна эрэ кыбытан баран умнубут харчыгын булан ыллаххына, сылы быһа үптээх буолаҕын диэн өйдөбүл баар.
Бу кнопка көмөтүнэн кинигэни библиотекаттан сакаастыаххытын сөп.
Бу кнопка көмөтүнэн кинигэ электроннай көрүҥүн ааҕыаххытын сөп.
Тохсунньу ыйга өбүгэлэрбит былыр-былыргыттан таҥха иһиллээн, сэрэбиэй быраҕан, кистэлэҥ эйгэ быыһын сэгэтэн, инникилэрин тымпыктаан көрөллөрө. Ол үгэс күн бүгүҥҥэ диэри сүппэккэ-оспокко. таҥха оонньууларын сэҥээрэр киһи билигин да үгүс. Бу кинигэҕэ араас кэмҥэ бэчээккэ тахсыбыт матырыйааллар, дьон-сэргэ кэпсээнэ түмүллэн киирдилэр
Саха литературатын төрүттээччи А.Е. Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй саха норуотун культуратын, итэҕэлин, сиэрин-туомун туһунан хомуйбут хомуурунньуга.
«Олох сиэрэ» серия кинигэтигэр саха үгэстэрэ сылынан, ыйынан, күнүнэн наарданан киирдилэр. Ааҕааччы киэҥ араҥатыгар анаммыт, олус туһалаах, интэриэһинэй кинигэ.
Ааптар ааҕааччы киэҥ араҥатыгар туһуламмыт бу кинигэтигэр Олох. Дьылҕа. Өлүү кэнниттэн сахаҕа олоҕу сүрүн- нүүр итэҕэл тирэх өйдөбүллэрин фольклор, этнография уонна саха эрдэтээҕи көмүүлэрин хаһыы археологическай матырыйаалларыгар олоҕуран арыйар.
Сомоҕотто — туспа суоллаах-иистээх этнограф-ученай. Биллэр да соҕус боппуруоска бэйэтин билиитин-көрүүтүн билиһиннэрэр. Автор ураты тыла-өһө бэйэтэ суруйбутунан, эриэккэс стилэ уларытыллыбакка бэрилиннэ.
Автор написал работу в 1990 году. Книга посвящена анализу древнего и православного язычества якутов. Для широкого круга читателей, интересующихся культурой и историей якутов.
Кинигэҕэ түүлү сахалыы сөпкө тойонноон, суолтатын табатык өйдөөһүн уонна кини инники олоҕор туох буолуохтааҕын сиһилии суруллар.
Өбүгэ өйдөбүлүнэн Таҥха Айыы киһи олоҕун билиҥҥи туругун быһаарар, Билгэ Айыы инникитин туох буоларын билгэлиир, Дьылҕа Айыы кэлэр кэми, дьылҕаны этэр. Бу ураты таһаарыыга сэрэбиэйдэнии араас ньымата ойууланар.
Олус ураты оҥоһуулаах кинигэ. Кинигэҕэ саха норуотун итэҕэлин, сиэрин-туомун туһунан суруллубут. Айыыларга аналлаах алгыстар, туойуулар тыллара суруллубуттар.