Попов Семен Андреевич (Тумат) — поэт, суруйааччы, литератураны ырытааччы. Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай суруйааччыта (2014).

КРАТКАЯ ИНСТРУКЦИЯ

С помощью кнопки «Заказать книгу» можно сделать предзаказ документа в библиотеке. Уведомление о готовности заказа придет на указанный вами адрес электронной почты.

С помощью кнопки «Читать в ЛитРес» можно прочитать книгу бесплатно в электронной библиотеке ЛитРес, для этого нужно зарегистрироваться в ЛитРес через библиотеки города Якутска. Правила пользования ЛитРес здесь.

Олох оломноро

1944 сыллаахха олунньу 23 күнүгэр Булуҥ улууһугар Тумат нэһилиэгэр учуутал дьиэ кэргэнигэр төрөөбүт.

1973 с. — Саха государственнай университетын саха тылын уонна литературатын салаатын бүтэрбит.

Үлэлээбит сирдэрэ
П. А. Ойуунускай аатынан литература түмэлэ, научнай үлэһит.
«Эдэр коммунист» хаһыат, корреспондент.
Саҥа олох оройуон хаһыата, корреспондент.
«Маарыкчаан» Чурапчы улууһун телерадиостудията, сүрүн редактор.
«Чолбон» сурунаал, салаа сэбиэдиссэйэ.

1993 с. — Россия суруйааччыларын Сойууһун чилиэнэ. «Чолбон» сурунаал редакциятыгар очерк уонна публицистика салаатын редактора.

Айар үлэтэ

Бастакы хоһоонноро 1965 сыллаахха «Эдэр коммунист» хаһыакка бэчээттэммиттэрэ. Очеркаларын бастакы хомуурунньуга «Сылгы кистиир сыһыытыгар» 1981 сыллаахха бэчээттэнэн тахсыбыт. 1994 сыллаахха Г. И. Макаров — Дьуон Дьаҥылы айар олоҕун туһунан чинчийиилэрэ бэчээтэммиттэр.

П. А. Ойуунускай аатынан Государственнай бириэмийэ лауреата С. А. Попов - Сэмэн Тумат: биобиблиографическай ыйынньык./ Саха Республикатын Национальнай библиотеката. - Дьокуускай : Бичик, 2002. - 62, [2] с.

Биобиблиографический указатель, посвященный творчеству народного писателя, лауреата Государственной премии им. П. А. Ойунского С. А. Попова-Сэмэн Тумат.

Составители: Павлова Валентина Николаевна, Родионова Галина Семеновна

Аннотация Закрыть

Тумат, Сэмэн. Эһиги истиҥ, мин сэһэргиим / Сэмэн Тумат. - Дьокуускай : Бичик, 2004. - 238 с.

Семен Андреевич Попов-Сэмэн Тумат «Эһиги истиҥ, мин сэһэргиим» кинигэтин олоҕун бэлиэ тугэннэригэр олоҕуран эссе форматынан суруйда. Өйгө-сурэххэ хаалар үөрүүлээх да, хомолтолоох да түгэннэр хайдах баарынан кэпсэниллэллэр, онно олох кырдыга үрдүктүк тутуллар. Суруйааччы бу кинигэтигэр ааспыты анааран көрүүтэ, көрүдьүөстэр, кэрэ өйдөбүллэр уонна киһини өрө көтөҕөр сырдык юмордаах кэпсээннэр киирдилэр.

Аннотация Закрыть

Неймохов Е. Таптал түөрт кэмэ: Кэпсээннэр, публицистика. — Дьокуускай: Бичик, 2000. — 336 c

Кинигэҕэ суруйааччы араас кэмҥэ айбыт кэпсээннэрэ, публицистиката киирдилэр. Автор уус-уран айымныларга уустук сыһыаннаах үөлээннэхтэрин ис туруктарын көрдөрөр, онно мэлдьи дьыл түөрт кэмигэр баар таптал кыайар.

Бу кинигэҕэ Сэмэн Тумат тус олоҕун туһунан ойууламмыт.

Аннотация Закрыть

Хоту дойду тойуксута

Тумат Сэмэн. Чуумпуга төрөөбүт хоһооннор. Поэтические произведения. - Якутск: ГУП "Агроинформ". - 2000. - 71 с.

В стихотворениях автора убедительной яркостью раскрываются проблемы размышления о жизни.

Сэмэн Тумат бастатан туран поэт быһыытынан биллэр. Хоһоон хомуруунньуга ааҕааччыны толкуйдатар суруйааччы киэн көрүүтүн сырдатар.

Аннотация Закрыть

Тумат, Сэмэн. Хотугу дойдум хонноҕуттан: сэһэннэр, кэпсээннэр, үһүйээннэр. – Дьокуускай : Бичик, 2014. Дьокуускай. - 368 с.

Оҕо сааһа уһук хотугу сир эйгэтигэр — Лаптевтар муораларын кытылыгар ааспыт суруйааччы манна олохтоох дьон, омугуттан тутулуга суох, санааларын күүһүнэн, ыраас майгыларынан-сигилилэринэн, бэйэ-бэйэлэригэр харыстабыллаах сыһыаннарынан, доҕордуу бэриниилээхтэринэн хайдахтаах да ыарахаттары туоруулларын итэҕэтиилээхтик көрдөрөр.

«Мууска быстарыы» диэн мүччүргэннээх сэһэҥҥэ арбааттан эмискэ түспүт улуу буурба быстах мууска балыксыттары туос тордуйалыы кум-хам тутан ылан, Хотугу муустаах байбал тоҥ болгуо бэлэһигэр кудулуччу илдьэн иһэрэ киһи уйулҕата хамсыах сиһилии сэһэргэнэр. Күн туллар, күһэнэ быстар бу уустук балаһыанньаттан босхолонорго киһи барахсан булгуруйбат өйүн-санаатын күүһэ, олоххо муҥура суох таптала, модун дьулуура төһүү күүс буолбуттара… Оттон «Улуу кыыл тыына» айымньыга икки ийэ уончалаах уолун иннигэр уктубут дьарамай саха дьахтара уонна хаар арбақыттан сана түөһүллэн тахсыбыт быыкаайык оболоох үрүн эһэ утары көрсөн баран, бэйэ-бэйэлэрин өйдөспүттэрэ айылҕа оҕолоро биир ситимнээхтэрин өссө төгүл сиэрдээхтик итэҕэтэр…

Аннотация Закрыть

Тумат Сэмэн. Здравствуй, Арктика! : [из переводов разных лет] / Сэмэн Тумат. - Якутск : Якутский край, 2013. - 88 с.

Публицист, поэт, прозаик, литературный критик, переводчик, заслуженный работник культуры РС (Я), лауреат Государственной премии РС (Я) имени П.А. Ойунского, лауреат Большой Литературной премии России, почетный гражданин Булунского и Чурапчинского улусов, член Союза писателей России Семен Андреевич Попов-Сэмэн Тумат является автором более 20-ти книг. В эти годы С. А. Попов-Сэмэн Тумат выпустил отдельными книгами переводы из трудов Омара Хайяма «Рубаи» и Конфуция «Луньюй» на якутском языке.

 

 

Аннотация Закрыть

Попов, Семен Андреевич-Сэмэн Тумат. Повести устья Лены. - Якутск : Бичик, 2019. - 160 с.

Сэмэн Тумат с беззаветной любовью рассказывает о мужественных жителях Севера. В силу уникального уклада жизни, граничащего с выживанием в экстремальных условиях, они нередко попадают в чрезвычайные ситуации, когда жизнь человека висит на волоске. Северяне с достоинством проходят испытания на прочность. У них слово не расходится с делом, а понятия «честь» и «совесть» ставятся превыше всего. Эти известные произведения в переводе на русский язык впервые печатаются отдельным изданием. Книга приурочена к 75-летию писателя. 

Аннотация Закрыть

Попов С. А.-Тумат Улуу кыыл тына: Сэһэннэр, кэпсээннэр. / М. Г. Старостин уруһуйа. - Якутскай: Кинигэ изд-вота, 1992. -176 с.

Автор бу кинигэтигэр икки сэһэн уонна кэпсээннэр киирдилэр. Сэһэннэргэ хоту дойду олохтоохторун үлэлэрин-хамнастарын, бэйэ-бэйэлэригэр иһирэх сыһыаннарын, төрөөбүт айылҕаларын харыстааһыннарын, өбүгэлэрин абыычайдарын сиргэ-буорга тэпсибэккэ илдьэ сылдьалларын туһунан ойууланан көрдөрүллэр.

.

 

Аннотация Закрыть

Тумат Сэмэн. Сүрэх ырыата: хоһооннор. «Чолбон» сэмсэтэ, 2019, олунньу. – 96 с..

Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай суруйааччыта Семен Андреевич Попов-Сэмэн Тумат Саха судаарыстыбаннай университетын саха тылын салаатыгар үөрэммит сылларыгар биллиилээх литературнай кириитикка Е. П. Шестаков-Эрчимэн салайбыт «Сэргэлээх уоттара» диэн литературнай от түмсүүтүн биир көхтөөх чилиэна этэ. Оччолортон хоһоон суруйара, Өрөспүүбүлүкэ хаһыаттарыгар бэчээттэнэрэ. Суруйааччы поэтическай айымньылара «Чуумпуга тереебут хоһооннор», «Дорообо, Арктика!», «Олох хатан кырдьыга», «Здравствуй, Арктика!» диэн кинигэлэригэр киирбиттэрэ. Сэмэн Тумат хоһооннорун бу хомуурунньуга 75 сааһын туоларынан сибээстээн тахсар.

Аннотация Закрыть

Тумат, Сэмэн. Номох уонна дьылҕа: [үһүйээннэр].- Дьокуускай: Айар, 2023. - 160 с.

Номохтор… Хаһан эрэ олорон ааспыт дьон дьылбалара, үтүө үөрэхтэрэ, холобурдара номох, үһүйээн буолан үйэлэргэ хаалар буолла5а. Бу баар олох, көлүөнэ ситимэ. Ааптар уһун сылларга истэн, сурунан хомуйбут номохторо үүнэр көлүөнэбэ, бүгүннү дьонно саха сиэрин холобура буолан түмүллэн бу кинигэбэ киирдилэр.

 

 

Аннотация Закрыть

Тумат, Семен. У мертвой протоки : (повесть, рассказы, стихи) / Семен Тумат ; [гл. ред. В. С. Доллонов]. - Якутск : Сахапечать, 2019. - 94, [1] с.

Сборник приурочен к 75-летию народного писателя Республики Саха (Якутия) Семена Андреевича Попова-Тумата. В сборник вошли повесть и рассказы о людях северного края, а также философские стихи, правдиво передающие душевные переживания автора.

Аннотация Закрыть

Оҕо-аймахха анаабыт айымньылара

Тумат Сэмэн. Оҕо сааһым хоптото. — Дьокуускай: Бичик. - 2006. - 160 с.

Семен Андреевич Попов-Сэмэн Тумат оҕолорго суруйбут айымньыларын, саха уонна нуучча литератураларын сибээстэрин үөрэтиитин иһин Саха Республикатын П. А. Ойуунускай аатынан Государственнай бириэмийэтинэн 2000 с. бэлиэтэммитэ.Сэмэн Тумат оҕолорго анаабыт сэһэннэрэ, кэпсээннэрэ саха төрүт майгытыттан, итэҕэлиттэн силис-мутук тардынар буоланнар ааҕааччыга бииһирэтэллэр. Оҕолорго сырдыкка дьулуһуу, кэрэҕэ тардыһыы өрүүтүн кыайар.

Аннотация Закрыть

Тумат Сэмэн. Тоотук муоратааҕы сырыылара /Художник Д. Мухин. - Дьокуускай: Бичик, 2001. - 48 с.

Сэмэн Тумат бу саҥа суруйбут сэһэнин оҕолорго анаата. Дьокуускай куоракка олорор Тоотук уол эһэтэ Кэлтээс оҕонньор ыҥырыытынан Лаптевтар муораларын хомотугар баар кууһа Арыытыгар сайылыыр. Хотугу сир уратылаах олоҕо-дьаһаҕа, тыйыс эрээри кэрэ айылҕата итэҕэтиилээхтик ойууланар. Бу дьикти дойду эриэккэс айылҔатын харыстааһын боппуруоһа айымньыга көтөҔүллэр. Кинигэ орто саастаах оскуола оҔолоругар ананар.

Аннотация Закрыть

Тумат С. Иэс төлөнүүтэ: Кэпсээннэр, дьүһүйүүлэр, бэлиэтээһиннэр. / Ябловская Н.Е. ойуулара. - Дьокуускай: "Бичик кинигэ кыһата. -1994. - 128 с.

Сэмэн Тумат саха ааҕааччыларыгар кэпсээнньит быһыытынан биллэр. Автор айымньыларыгар норуот үһүйээннэрин, майгытын-сигилитин хайысхаларын мэлдьитин туһанар. Суруйааччы сана хомуурунньугар сиэр-майгы туһунан кэпсээннэрэ элбэх миэстэни ылаллар.

Аннотация Закрыть

Тумат, Сэмэн. Өс төрөөһүнэ : сэһэн, кэпсээннэр, новеллалар / Сэмэн Тумат. - Дьокуускай : Бичик, 2011. - 112 с.

«Өс төрөөһүнэ» диэн философскай тосхоллоох сэһэнигэр киһилээх бөрөнөн олох уустук көстүүлэрин, айылҕаҕа, тулалыыр эйгэҕэ сыһыаны тыктаран көрдөрөр. Улахан саастаах оскуола оҕолоругар.

Аннотация Закрыть

Тумат Сэмэн. Батыһыннарыылаах биэ: Кэпсээннэр. / А. П. Мунхалов ойуулара. - Дьокуускай: "Бичик" нац. кинигэ кыһата. - 1997. — 80 с., ил.

Автор кэпсээннэригэр тулалаан турар айылҕаны кэрэхсииргэ, көтөргө-сүүрэргэ аһыныгастык сыһыаннаһарга кыра ааҕааччыларыгар үтүө санааны үөскэтэргэ анаан суруйар. Кыра саастаах оҕолорго.

Аннотация Закрыть

Тумат Сэмэн. Дьикти түбэлтэ / [А. Баишев ойуулара]. - Дьокуускай : Айар, 2021. — 32 с.

Саха норуодунай суруйааччыта Сэмэн Тумат урут буолбут дьикти түбэлтэлэри, ону кытары кыра сылдьан билбит айылҕа сокуоннарын, дьон икки ардынааҕы сыһыаннарын билиһиннэрэр. Кинигэ оскуола үөрэнээччилэригэр, учууталларга ананар.

Аннотация Закрыть

Тумат Сэмэн. Таба Саха сиригэр хайдах кэлбитэй?: [номох]. - Дьокуускай: Бичик, 2017. — 32 с.

Былыыр-былыр Кыыл Таба итии дойдуга олорбута. Онтон кини бу тыйыс тымныылаах, хабыс айылҕалаах Саха сиригэр хайдах кэлбитин билэбит дуо? Ол туһунан сиһилии Сэмэн Тумат номоҕор ааҕын. Ону тэҥэ К. Ушинскай «Хараҕа суох ат», филиппиннэр «Эмир уонна буйвол» остуоруйалара киирдилэр. Бу айымнылар эппит тылы толорорго, эппиэтинэстээх, тобуллаҕас өйдөөх буоларга үөрэтэллэр.

Аннотация Закрыть

Уус-уран айымньыларга, олоххо көрүүлэрэ

Тумат, Сэмэн.
Өй-сүрэх көрдөбүлүнэн / Сэмэн Тумат. - Дьокуускай : Бичик, 2009. - 441 с.

Семен Андреевич Попов-Сэмэн Тумат урукку сылларга тахсыбыт «Дьуон Данылы», «А. С. Пушкин уонна Саха Сирэ», «Эйгэ тардыта», «Эһиги истиҥ, мин сэһэргиим» диэн саха литературатын боппуруостарыгар сыһыаннаах суруйааччылар айар улэлэригор чинчийнилэрин салгыы бу үлэтинэн чинэтэр.Кинигэ ааҕааччы киэн эйгэтигэр ананар.

Аннотация Закрыть

Тумат, Сэмэн. Эйгэ тардыыта / Сэмэн Тумат ; [ред. В. П. Саввинова]. - Дьокуускай : Бичик, 2003. - 112 с.

Кинигэҕэ саха суруйааччыларын айар үлэлэригэр араас сылларга оҥорбут этюдтара уонна олохторун сорох биллибэт өрүттэрин арыйар бэлиэтээһиннэрэ киирдилэр

Аннотация Закрыть

Тумат, Сэмэн. Дьуон Дьанылы : / Сэмэн Тумат. — 2-с төгүлүн эбэн таһаарыы. — Дьокуускай : Бичик, 2013. - 272 с.

Биллиилээх фронтовик-поэт, талааннаах тылбаасчыт баай ис хоһоонноох айымныларын ааптар дирин хорутуулаахтык ырытар, поэт олоҕун устук суолун сиһилии сээргиир. Кинигэ Дьуон Дьанылы төрөөбүтэ 100 сылын көрсө тахсар.

Аннотация Закрыть

Эрчимэн. Алгыс тылынан саҕаламмыт литература / [хомуйан, тумэн оҥордо С. А. Попов-Сэмэн Тумат]. — Дьокуускай : Бичик, 2007. - 160 с.

Поэт, публицист, кэпсээнньит, литературнай кириитик Егор Петрович Шестаков-Эрчимэн «Алгыс тылынан саҕаламмыт литература» диэн кинигэтэ урукку тахсыылартан улахан уратылаах. Ааҕааччылар кини араас биричиинэлэринэн эрдэ бэчээттэмэтэх ыстатыйаларын, ону сэргэ саха литературоведениетыгар оҥорбут дьоһуннаах ырытыыларын кытта билсиэхтэрэ. Кинигэ Эрчимэн төрөөбүтэ 80 сылыгар ананар.

Аннотация Закрыть

Лингвист Семен Андреевич Новгородов Дьокуускайдааҕы реальнай училищеҕа үөрэнэр сылларыттан саха тылын үөрэтиигэ, национальнай маассабай суругу-бичиги айарга, төрөөбүт норуотун фольклорун хомуйууга уонна ону наука эйгэтигэр киллэрэргэ, бэйэтэ айбыт алпаабытынан үөрэх бастакы кинигэлэрин бэчээттэтиигэ утумнаахтык үлэлэспит, «Саха аймаҕы» салайсыбыт, Народнай учууталлар Бүттүүн Россиятааҕы съезтэригэр «Краткие сведения о якутах, их школы и их право на образование» диэн дакылааты аахпыт, оччолорго 21 эрэ саастааҕа, общественнай-политическай олоххо актыыбынайдык кыттыбыт киһи этэ. Кини бу үтүө дьулуурун Петербурга Илиҥҥи дойдулар тыыннаах тылларын факультеттарыгар үөрэммит, Саха АССР правительствотын суһал дьаһалларын толорсубут сылларыгар ситиспитэ, кылгастык да олорон аастар суолун-ииһин хаалларардыы үлэлээбитэ. Ааҕааччы С.А. Новгородов ханнык хайысхаларга турууласпытын бу оҥорбут хомуурбутуттан дьэнкэтик өйдүөҕэ.

Аннотация Закрыть

Күн Дьирибинэ. Талыллыбыт айымнылар/Күн Дьирибинэ; Хомуйан оҥордо С.А. Попов-Сэмэн Тумат. - Докуускай, Бичик. - 2003. - 128 с.

Кинигэҕэ саха биллэр үгэһитэ, гражданскай уонна Аҕа дойду сэриитин кытыылааҕа С. А. Саввин-Күн Дьирибинэ төрөөбут 100 сылын көрсө, кини үгэлэрэ, хоһоонноро, фельетоннара уонна ахтыылара киирдилэр.

Аннотация Закрыть

Лингвист Семен Андреевич Новгородов : хаартыскалар, докумуоннар, ыстатыйалар /[хомуйан-тумэн оҥордо, киирии тылы, быһаарылары суруйда С. А. Попов-Сэмэн Тумат ; фот. А. И. Винокуров хос туһэриилэрэ уо.д.а.]. - Дьокуускай : Бичик, 2007. - 196 с. : ил.

Бу кинигэҕэ сахалыы маассабай суругу-бичиги төрүттээбит лингвист С.А. Новгородов олоҕо, айбыт-туппут үлэтэ хаартыскаларга, суруктарга, докумуоннарга уонна ахтыыларга олоҕуран кэпсэниллэр. Ааҕааччы киэн эйгэтигэр ананар.

Аннотация Закрыть

Далан / [хомуйан оҥордо С. А. Попов-Тумат ; ред. А. Г. Павлов]. - Дьокуускай : Бичик, 2001. - 172, [2] с.

Кинигэҕэ Саха народнай суруйааччыта В. С. Яковлев-Далан уруу-хаан,
аймах-билэ, доҕор-атас, бииргэ алтыспыт дьоно, биир дойдулаахтарын
ахтыылара киирдилэр.


В книгу о народном писателе В. С. Яковлеве-Далане вошли воспоминания родных, родственников, близких друзей и земляков из Чурапчинского улуса

Аннотация Закрыть

Саха норуодунай суруйааччыта Семен Андреевич Попов-Сэмэн Тумат Чурапчыттан төрүттээх саха суруйааччыларын киэн бэчээккэ сырдатыыга утумнаахтык улэлиир. Кини бу бэлиэтээһиннэрин лирик-поэт, Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа, прозаик, публицист, учуутал Алексей Спиридонович Бродников төрөөбута 100 сылыгар анаан суруйда. Кинигэ ааҕааччы киэн эйгэтигэр ананар.

Аннотация Закрыть

Ини-бии Мординовтар / [хомуйан, тумэн онордулар С.А.Попов-Сэмэн Тумат, И.В Мигалкин]. Дьокуускай: Бичик, 2006. — 160 с.

Бу таһаарыы саха народнай суруйааччыта Николай Егорович Мординов-Амма Аччыгыйа төрөөбүтэ 100 сылын туолуутугар ананар. Кинигэ «Бырааттыы Мординовтар» музейдарын матырыйаалларынан оҥоһулунна. Ааҕааччы киэн эйгэтигэр ананар.

Аннотация Закрыть

Бу томҥа Саха Республикатын народнай поэта Владимир Михайлович Новиков-Күннүк Уурастыырап лирикатын чулуу хоһоонноро түмүлүннүлэр. Сахалыы ураты сайаҕастык тыынар бу уйаҕас поэзия бүгүҥҥү да ааҕааччы сурэҕэр кэрэтик дьайыаҕа, төрөөбут дойду модун тапталынан сур эйэҕэстик кутуоҕа.

чинчийнилэрин салгыы бу үлэтинэн чинэтэр.Кинигэ ааҕааччы киэн эйгэтигэр ананар.

Аннтация Закрыть

Ууну-уоту ортотунан ааспыттарга

Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа Иван Михайлович Павлов туһунан документальнай уочарка кинигэтэ кини тус бэйэтин сээргээһинигэр, бэлиэтээһиннэригэр уонна ол кэм докумуоннарын чахчыларыгар олоҕуран сурулунна. «Саллаат дьылҕата» кинигэ Аҕа дойду Улуу сэриитэ кыайыынан түмүктэммитэ 70 сылын көрсө тахсар.

Аннотация Закрыть

Саха норуодунай суруйааччыта, публицист, чинчийээччи, Ceмен Андреевич Попов-Сэмэн Тумат Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэрии героическай тиэмэтигэр араас сылларга суруйбут ыстатыйалара, бэлиэтээһиннэр, хоһоонноро, поэмата уонна фашистскай Германия халабырдьыттарын утары кырыктаах кыргыһыыларга кыттыыны ылбыт фронтовик-суруйааччыларбыт туһунан матырыйааллар бу саҥа кинигэтитэр түмүлүннүлэр. Улуу Кыайыы 70 сылын көрсө тахсыбыт.

чинчийнилэрин салгыы бу үлэтинэн чинэтэр.Кинигэ ааҕааччы киэн эйгэтигэр ананар.

Аннотация Закрыть

Саҥарта сахалыы

Семен Андреевич Попов-Сэмэн Тумат урукку сылларга тахсыбыт «Дьуон Данылы», «А. С. Пушкин уонна Саха Сирэ», «Эйгэ тардыта», «Эһиги истиҥ, мин сэһэргиим» диэн саха литературатын боппуруостарыгар сыһыаннаах суруйааччылар айар улэлэригор чинчийнилэрин салгыы бу үлэтинэн чинэтэр.Кинигэ ааҕааччы киэн эйгэтигэр ананар.

Аннотация Закрыть

Конфуций. Луньюй : (Тойонноон этиилэр уонна анаарыылар) / Конфуций ; [Сэмэн Тумат нууччалыыттан көҥүл тылбаас]. - Дьокуускай : Бичик, 2012. - 320 с.

Конфуций үөрэгэ кытай цивилизациятын сайдыытыгар, национальнай өйө-санаата сүрүннэнэригэр уонна кытай норуотун түҥ былыргы үйэлэртэн халбаннаабакка тиийэн кэлбит сыаннастарын олохсутууга, кэлин бу хайысхаҕа философскай үөрэхтэр ситимнэрэ баар буолууларыгар тирэх буолбута, конфуцианство диэн аатынан киэҥник тэнийбитэ. Кини үөрэнээччилэрэ учуутал тус бэйэтин сибилээпиннэригэр олоҕуран, «Луньюй» (Тойонноон этиилэр уонна анаарыылар) диэн кинигэни түмэн таһаарбыттара.

Аннотация Закрыть

А. С. Пушкин уонна Саха сирэ /С. А. Попов-Сэмэн Тумат. — Дьокуускай: Бичик, 1999. — 160 с.

Кинигэ нуучча Улуу поэта А. С. Пушкин төрөөбүта 200 сылын туолуутугар ананар. Бу үлэ А.С. Пушкин айымньыларын сахалыы тыла тылбаастааһын историятын түмэн биэриигэ бастакы холонуу буолар.

Аннотация Закрыть

Татаар аныгы прозатын антологията/ хомуйан оҥордо Ленар Шаех; бырайыагы сүрүннээтилэр: Наталья Харлампьева [уо. д. а.] ; сахалыы тылбаастаатылар: Сэмэн Тумат [уо. д. а.]. - Дьокуускай; Алта, 2022. - 272 с. : портр.

Түҥ былыргы төрүттээх, баай үгэстээх татаар литературата – Россия национальнай литератураларыттан биир инники күөҥҥэ сылдьааччылара уонна тэтимнээхтик сайдан иһээччилэрэ. Кинигэҕэ киирбит айымньыларга татаар литературата киэн ыырдааҕа, баай үгэстэрдээҕэ, дириҥ бөлүһүөктүү ис хоһоонноҕо, олох кылаан кыһалҕаларын уонна история дьиҥ кырдьыгын хорсуннук дьүһүйэрэ көстөр.

Аннотация Закрыть

КРАЕВЕДЧЕСКАЯ БИБЛИОТЕКА ИМ. В.Г. БЕЛИНСКОГО

677009, г. Якутск, ул. Ф. Попова, д. 18
+7 (4112) 21‒48‒20
belinka@cbsykt.ru

Подписывайтесь на нас, следите за самыми актуальными новостями

Будьте с нами в своей любимой социальной сети!

  • Использованы материалы из электронной библиотеки  ЦБС Якутск, книги Краеведческой библиотеки им. В. Г. Белинского. Фотографии с сайта ysiya.ru/
  • Выставку подготовили:
  • Васильева Мария Михайловна, Попова Екатерина Васильевна
  • главный библиотекарь, ведущий библиотекарь