Айыл5а5а бас-баттах тыллаһар, былыргы малы тыытар, кылабыыһа5а оонньуур хайда5ый? Өлбүт дьону көрөр, «атын» дьон саҥаатын истэр туохханый?
Хомуурунньукка «куо» сурунаал редакцията муспут абааһылаах тэттик кэпсээннэр киирдилэр. Бу кинигэни оҕо күүтэ сылдьар уонна чараас уйул5алаах дьон аахпаккытыгар сүбэлиибит
Олоххо кыайан быһаарыллыбат түбэлтэлэр элбэхтэр. Ону биһиги үксүн айылҕа дьиктилэрэ диэн ааттыыбыт. Оттон ис-иһигэр киирдэххэ, бэйэҥ түбэстэххэ хайдаҕый?
90-с сс дьалхааннаах кэмнэригэр Адыаччы өрүс таһыгар баар көмүс хостуур биир бириискэҕэ көмүс сууйааччылары өлөрөллөр, көмүстэрин уораллар. Бу айдааннаах буруйу арыйыыга ИДьМ салалтатын сорудаҕынан Димов уонна Климов диэн оперативниктар хоту оройуоҥҥа бараллар…
2000 сыллар са5аланыылара. Саха сирин биир сэлиэнньэтигэр бүтүн ыалы өлөрбүттэр. Өлөрүөхсүт буруйун дакаастыыр инниттэн сыщиктар ураты оперативнай ньыманы туһаналлар, сиэхсит буруйун ыраас мууска таһаараллар
Кинигэлэр библиотека фондатыгар бааллар.
Хабарова уул. 27/1 аадырыска күүтэбит