Тимофеев С. И. Олох суола : хоһооннор
Хомуурунньукка фронтовик-поэт Ленинград блокадатын кэмигэр уоттаах сэриигэ суруллубут хоһоонноро, ону тэҥэ дойдуга, олоххо тапталы туойар, эрэли үөскэтэр айымньылара таҥыллан киирдилэр.
Прокопий Чуукаар Өлүү-тиллии икки ардынан
Суруйааччы бу кинигэтигэр кэпсэнэр геройа ханнык да ыарахаттартан чаҕыйан турбат ураты күүстээх санаалааҕа, сэдэх дьылҕалааҕа, чахчы да уол оҕо уон уһуктааҕа буолара кими баҕарар сөхтөрүөн сөп.
Избекова А. И. Мой лучший друг — убийца : детективные рассказы на основе реальных событий
В сборник вошли детективные рассказы разных лет, написанные на основе реальных уголовных дел, запутанных, сложных, имевших в свое время большой общественный резонанс и, к чести сыщиков, раскрытых по горячим следам.
Дьячковская Н. Е. Исповедь исчезнувших : повесть
Обычная история любви женщины из северной глубинки и заезжего шабашника, переплетясь с нитью судьбы великой державы, стала роковой для ее большой семьи.
Повесть основана на реальных событиях.
Протодьяконова Я. И. Недетские истории : из реальной жизни
Обычная история любви женщины из северной глубинки и заезжего шабашника, переплетясь с нитью судьбы великой державы, стала роковой для ее большой семьи.
Повесть основана на реальных событиях.
Гоголев-Уйулҕан В. И. Туоһахта уонна Лэкиэс
Сэһэн сүрүн геройа Лэкиэс, саха сылгытын Туоһахтаны кытта бииргэ алтыһан, истиҥник доҕордоһон, Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэриигэ баран, кырыктаах кыргыһыыга буһан-хатан уһаарыллара, саха чулуу, хорсун-хоодуот буойуннара, олохторун толук ууран туран, Москубаны көмүскээн, өстөөҕү үлтүрүтэн киэр үүрэллэрэ кэрэхсэбиллээхтик ойууланар.
Нельбисова Г. В. Эргитимэ дуу, хаар үҥкүүтүгэр …
Айымньыга дьылҕа бэлэҕэ — сырдык, ыраас, үйэлээх таптал таайыллыбат таабырына сэһэн ис хоһоонун биир тыынныыр бэлиэ түгэнинэн буолар.
Федоров, Игнат Иннокеньевич-Ленскэй Сүрэх сойбот таптала : кэпсээннэр
Игнатий Ленскай сахалыы ылбаҕай тыллаах кэпсээннэригэр устар олохпут тухары көрсөр үгүс-элбэх улахан да, кыра да моһоллорбутун, уустуктарбытын эрдээхтик уонна кырдьыктаах эрэ өттүн тутуһан ааспыт эбэтэр уйбакка, тулуйбакка сүрдэрэ тостон дьылҕалара таҥнастыбыт дьон туһунан суруллар.
Шамаев И. И. Төлкөнү түстүүр түгэннэр
Эдэр устудьуон уолга хаһан да көрбөтөх-истибэтэх киһитэ эмискэ тиийэн кэлэн, тус олоҕун уларытан, төлкөтүн түстээн баран сүтэн хаалар. Уол үйэтин тухары ол киһитин күрдүүр…
Адамов Г. И. Таптал уонна дьүккүөр : сэһэн
Айымньы сүрүн геройа Бэриэт Түбүктээхэп, билим сыаналаах үлэһитэ, саҥа-сонун толкуйдары, идеяларын олоххо киллэрэр модун дьүккүөрдээх. Ону кини көнө майгытынан, ыраас сүрэҕинэн, санаатын күүһүнэн, сырдыкка-үтүөҕэ эрэлинэн ситиһэргэ дьулуһар.
Иринцеева-Огдо Е. С. Ыйдаҥа түүн
Олох уонна өлүү тыҥааһыннаах түөрэккэй кирбиитигэр тиийбит муҥнаах, туохтан тутуһан, тугу далаһаланан өрүһүммүтүн туһунан, дьиҥнээх олоххо буолбут биир холобурга олоҕуран, бу сэһэҥҥэ кэпсэннэ.
Дорофеев А. М. Дьолу бэлэхтээ, Сэргэлээх : икки чаастаах сэһэн
Эдэркээн Сима Унаарап, университеткка киирэн, бүтэриэр диэри устудьуоннуур олоҕо — маҥнайгы туҥуй таптала, кэскиллээх сырдык ыралара, оччотооҕу ыччат араас кыһалҕата киэргэтиитэ суох көстөр.
Иринцеева-Огло, Евдокия Семеновна Килиим : докумуоннарга олоҕурбут сэһэн.
Клим Федоров соҕотох бэйэтэ сүүһүнэн киһиэхэ сөҕүмэр күүһү, күүстээх иэйиини, тирэхтээх эрэли уһугуннарар кистэлэҥэ туохханый?
Мандар Уус Кэриим айан
Кинигэҕэ Мандар Уус оҕо сааһыттан дьарыгын — кэриим айанын туһунан сиһилии суруйар.
Иванова Н. П. Я выбираю жизнь : истории реальной жизни : самые вкусные блюда, стихи, рассказы и откровения.
История не простой жизни обычной якутской женщины, собранная, словно мозаика, из заметок в социальных сетях, стала основой данного издания.
Күөрэгэй Төрүччү : өьүгэ ситимэ, күүһэ, көмүскэлэ.
Кэлиҥҥи кэмҥэ саха норуотугар төрдү-ууһу үөрэтиигэ интэриэс күүһүрдэ, сылтан сыл бүттүүн улууһунан, нэһилиэгинэн, аҕа, ийэ уустарынан элбэх кинигэ тахсар. Кинигэҕэ төрүттэри үөрэтиини атын хайысхаттан көрөн, чараас эйгэни кытта ситимнээн суруллубут.
Как мы влюбились в Якутию и чуть не остались там навсегда.
Это история об одном путешествии. О том, как два друга открыли для себя удивительную Якутию.
Өбүгэ оонньуутун түһүлгэтэ : иитээччигэ, төрөппүккэ, алын кылаас учууталыгар, үөрэх үлэһитигэр көмө босуобуйа.
Өбүгэбит оҕоҕо кыра сааһыттан саҕалаан сахалыы остуол оонньуутугар интэриэһи үөскэтэрэ, болҕомтону тардара, эт-хаан өттүнэн эрчийэрэ.
Все книги есть в фонде нашей библиотеки.
Мы находимся по адресу: ул. Хабарова 27/1
к.т. 21-75-77
© МБУ «Централизованная Библиотечная Система» ГО «город Якутск», 2021