ОЛОҤХО ДОЙДУТА

Олоҥхо – саха норуотун тылынан уус – уран айымньытын саамай үрдүк чыпчаала, үйэттэн үйэлэр тухары көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэн испит дириҥ ис хоһоонноох айымньыта буолар.

Олоҥхо биһиги өбүгэлэрбит, төрүттэрбит былыргы олох көстүүтүн уустаан – ураннаан кэпсээһиннэрэ буолар. 

Олоҥхо — саха уус-уран айымньыта. Олус былыргы кэмнэргэ үөскээбит. Олоҥхоhуттар
араас айымньылары холбоон уhун олоҥхолору айаллара. Үгүс олоҥхо 10—15 тыh. хоhоон
устуруокаларыттан турар эбит. Бөдөҥ олоҥхолор 20 тыh. тахса буолаллар үһү.

Норуот ырыаһыта, олоҥхоһута, САССР үтүөлээх артыыһа Устин Гаврильевич Нохсоров олоҕун, айар үлэтин сырдатар бэччээккэ тахсыбыт ыстатыйалара уонна ахтыылар.

«Тор5о-түргэ таҥастаах Торгандуун маатаа» кинигэ Саха сирин соҕуруу өттүгэр олорор эбэҥкилэр героическай эпостарын-нимҥакааннарын сахалыы маҥнайгы тылбааһа буолар. 

Кинигэҕэ Ньурба олоҥхоһуттарын, олоҥхону чинчийээччилэрин, хомуйааччыларын уонна тарҕатааччыларын ыйынньыктара, ахтыылар киирдилэр.

Олоҥхо – сырдык–хараҥа күүрсүүтэ.

Киһи модун санаатын, күүһүн–уоҕүн, кыаҕын «айыы–аймаҕын»

араҥаччылыыр үрдүк аналын хоһуйуу көстөр

Боотурскай улууһун Бастакы Игидэй нэһилиэгин киһитэ Константин Григорьевич Оросин 1895 с. суруйбут «Дьулуруйар Ньургун Боотур» олоҥхото кылгатыллан, кыра оҕолорго кэпсээн көрүҥүнэн буолар.

 

«Муҥха олоҥхото» диэн төрүт үгэһи тилиннэрэр аныгы кэскиллэх тосхол — Олоҥхоҕо баар Айыллыы сэһэн. 

Буллаҥкый Боотур. Пьеса — олоҥхо, тойуктар, ырыалар. Семен Степанович Егоров хаалларбыт айымньыта. 

 

Бу кинигэлэри куорат библиотекаларыттан уларсыаххытын сөп.

Туһаныллыбыт литература:

Библиотека бэйэ фондатыттан кинигэлэрэ. 

Виртуальнай выставканы бэлэмнээтэ библиотекарь Саргылаана Потапова

© МБУ «Централизованная Библиотечная Система» ГО «город Якутск», 2021