Кулун тутар 5 күнэ – Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Норуот маастарын күнэ.
Ил Дархаммыт Ыйааҕынан, 2012 сылтан саҕалаан, биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр, Саха сирин норуоттарын уус-уран оҥоһуктарын, искусстволарын араҥаччылыыр, сөргутэр уонна сайыннарар сыаллаах, Норуот маастарын күнэ бэлиэтэнэр.
Норуот маастардарын күнүгэр анаан эһиги иннигитигэр “Айар” национальнай кинигэ кыһата таһаарбыт “Иис-уус алыба” серияттан билиһиннэрэбит.
Акимова А.Н. Төрүт иис кистэлэҥнэрэ.
Кинигэҕэ норуот маастара А.Н. Акимова төрүт сахалыы моһуоннаах таҥастара киирдилэр: халадаай ырбаахы көрүҥнэрэ, дьахтар, эр киһи сонноро, хаттык таҥастар уо.д.а. Иистэниэх баҕалаах дьон киэптэри туһаныҥ.
Гермогенов П.П. Туостан оҥоһуктар: дьарыктаныан баҕалаахтарга көмө.
Бу сонун кинигэҕэ норуот маастара өбүгэбит төрүт дьарыгын сөргүтэн, туостан иһити, киэргэли оҥоруу, араас ньымаларын, кистэлэҥнэрин арыйан суруйуута түмүллэн киирдэ. Үлэ хардыыта туоһунан дьарыктаныан баҕалаах киһи тутан үлэлээн, туһанан барарыгар табыгастаах гына ымпыгар-чымпыгар тиийэ сырдатыллыбыт, сорох ойуулар оҥоһук дьиҥнээх кээмэйинэн бэриллибиттэр.
Карамзина Т.А. Туос иһити тигии.
Бу кинигэҕэ ааптар, Саха Өрөспүүбүлүкэтин уус-уран оҥоһуктарын маастара, өбүгэлэрбит үтүө үгэстэрин, төрүт дьарыктарын сөргүтэр, сайыннарар, салгыыр сыалтан туос иһити өбүгэ төрүт ньымаларынан тигии кистэлэҥнэрин кытта билиһиннэрэр, сүбэ-ама биэрэр. Туоһунан дьарыктаныан баҕалаах дьоҥҥо, эдэр ыччакка анаан иистэнии бэрээдэгэ утумнаахтык ыйыллар.
«Ойуу-бичик, ойуу-мандар, оһуор-силик олохпутун симиирэ буоллар, атын дьон, омук, киһи аймах көрүүтүгэр саха омук биир улуу Кэрэтэ сибэккилээх кырдал кэриэтэ, төһөлөөх дьэрэлийэн тахсыа этэй…»
Уран Хатын-Петрова С.И. Өбүгэ таҥаһа: бэлиэлэр, ымыылар.
Кинигэҕэ саха с ирин, Россия уонна тас дойдулар музейдарыгар харалла сытар, ону сэргэ биирдиилээн чааһынай дьон коллекциятыгар баар экспонаттарга олоҕуран, өбүгэлэрбит XVII-XIX үйэҕэ кэтэ сылдьыбыт таҥастарын-саптарын итэҕэлгэ ситимнээх бэлиэлэрин, киэргэллэрин, ымыыларын суолтатын туһунан сиһилии суруллар.
Новгородова-Рехлясова Г. И.-Сыралыма. Ичигэстик таҥныахха.
Иккис таһаарыыта күндү түүлээхтэн аныгылыы быһыылаах бэргэһэлэри, таба тыһыттан унтуулары таҥастааһыннарыгар, тигиитигэр дьахтар, эр киһи үтүлүктэрин тигиитин хаамыыта, ньымалара, оһуордааһына, ону тэҥэ мааныга, үлэҕэ кэтэр аҕыс араас үтүлүк бэлэм киэптэрэ, икки оһуор эбии киирдилэр.
Павлова З.Е. Кыл-сиэл оҥоһуктар : дьарыктаныан баҕалаахтарга көмө.
Кинигэҕэ норуот маастара өбүгэбит төрүт дьарыгын сөргүтэн, кылтан-сиэлтэн киэргэли, дьиэҕэ-уокка туттар малы оҥоруу араас ньымаларын, кистэлэҥнэрин арыйан суруйуута түмүллэн киирдэ. Үлэ хардыыта кыл-сиэл оҥоһуктарынан дьарыктаныан баҕалаах дьон тута үлэлээн, туһанан барарыгар табыгастаах гына сырдатыллыбыт.
Романова Е.И. Оҕо сахалыы таҥаһа.
Кинигэҕэ аныгылыы моһуоннаах, тупсаҕай көстүүлээх оҕо сахалыы таҥаһын эскиистэрэ, тэхническэй уруһуйдара таҥылыннылар. Ону таһынан араас маастардар тикпит таҥастарын хаартыскалара, оьуордар киэптэрэ, ньэмиэттэр киирдилэр. Кинигэ айыан тигиэн баҕалаахтарга ананар.
Саввинов В.И. Саха мас, муос, тимир оҥоһуктара.
Альбом-кинигэҕэ норуот маастара кыраайы үөрэтээччи уус удьуорун утумнаан Саха сирин омуктарын былыргы материальнай культуратын сөргүтэр сыаллаах уһаммыт оҥоһуктарын наардаан, сааһылаан ааҕааччы киэҥ араҥатыгар аныыр. Хас биирдии оҥоһук бэйэтэ ураты туспа тыынар тыыннаах, кэпсээннээх, майгылаах, дьылҕалаах.
35-46-58 эрийэн эбэтэр эл. почта: mirlib@cbsykt.ru суруйан бибилиотекаҕа суруттарыаххытын сөп.
Биһиги аадырыспыт: Дьокуускай куорат, Дежнёва уул. 51 №-дээх дьиэтэ.