Иван Михайлович Гоголев-Кындыл
Саха народнай поэта
- Использованы материалы из электронной библиотеки ЦБС Якутск, книги Краеведческой библиотеки им. В. Г. Белинского. Фотографии с сайта ysiya.ru/
- Выставку подготовили:
- Васильева Мария Михайловна, Попова Екатерина Васильевна
- главный библиотекарь, ведущий библиотекарь
Иван Михайлович Гоголев-Кындыл (18.01.1930–22.11.1998) — Саха АССР народнай поэта, Саха Республикатын искусстволарын үтүөлээх деятелэ, Саха комсомолун бириэмийэтин лауреата. 1957 сылтан СССР Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ. 1930 с. тохсунньу 18 күнүгэр Бүлүү куоракка төрөобүтэ. 1937 с. Чочу 7 кылаастаах оскуолатыгар үөрэнэ киирбитэ. [1944–1945 сс. (күһүөрү кыһыҥҥа диэри) Бүлүүтээҕи педагогическай училищеҕа үөрэнэр]. 1947 с. Дьокуускай куорат 2-с нүөмэрдээх оскуолатын бүтэрбитэ. 1948 с. бастакы хоһооно «Хотугу сулус» сурунаалга бэчээттэммитэ. 1952 с. 22 саастааҕар «Ынырар уоттар» диэн хоһооннорун уонна поэмаларын хомуурунньуга бэчээттэммитэ. Чаҕылхай талаан саха поэзиятыгар дохсуннук уонна киэн далааһыннаахтык киирбитэ, онтон ыла саха ааҕааччыларын куттарын туппута, кинилэр тапталлаах суруйааччыларынан буолбута. 1954 с. Москваҕа Максим Горькай аатынан литературнай институту бүтэрбитэ. Аҕыйах сыл Саха сиринээҕи кинигэ издательствотыгар редакторынан, оскуолаҕа учууталынан үлэлээн баран, идэтийбит суруйааччы быһыытынан олоҕун бүүс-бүтүннүүтүн үлүскэннээх айар үлэҕэ анаабыта уонна ол тухары айар үлэтигэр саамай тахсыылаах кэмин иккис төрөөбүт сирин кэриэтэ буолбут Ханалас улууһун Покровскайыгар — эймэнэ туойбут Улуу Эбэтин Өлүөнэ үрдүк кытылыгар — олорон ааспыта.
Лингвист Семен Андреевич Новгородов Дьокуускайдааҕы реальнай училищеҕа үөрэнэр сылларыттан саха тылын үөрэтиигэ, национальнай маассабай суругу-бичиги айарга, төрөөбүт норуотун фольклорун хомуйууга уонна ону наука эйгэтигэр киллэрэргэ, бэйэтэ айбыт алпаабытынан үөрэх бастакы кинигэлэрин бэчээттэтиигэ утумнаахтык үлэлэспит, «Саха аймаҕы» салайсыбыт, Народнай учууталлар Бүттүүн Россиятааҕы съезтэригэр «Краткие сведения о якутах, их школы и их право на образование» диэн дакылааты аахпыт, оччолорго 21 эрэ саастааҕа, общественнай-политическай олоххо актыыбынайдык кыттыбыт киһи этэ. Кини бу үтүө дьулуурун Петербурга Илиҥҥи дойдулар тыыннаах тылларын факультеттарыгар үөрэммит, Саха АССР правительствотын суһал дьаһалларын толорсубут сылларыгар ситиспитэ, кылгастык да олорон аастар суолун-ииһин хаалларардыы үлэлээбитэ. Ааҕааччы С.А. Новгородов ханнык хайысхаларга турууласпытын бу оҥорбут хомуурбутуттан дьэнкэтик өйдүөҕэ.
Күн Дьирибинэ. Талыллыбыт айымнылар/Күн Дьирибинэ; Хомуйан оҥордо С.А. Попов-Сэмэн Тумат. - Докуускай, Бичик. - 2003. - 128 с.
Кинигэҕэ саха биллэр үгэһитэ, гражданскай уонна Аҕа дойду сэриитин кытыылааҕа С. А. Саввин-Күн Дьирибинэ төрөөбут 100 сылын көрсө, кини үгэлэрэ, хоһоонноро, фельетоннара уонна ахтыылара киирдилэр.
Лингвист Семен Андреевич Новгородов : хаартыскалар, докумуоннар, ыстатыйалар /[хомуйан-тумэн оҥордо, киирии тылы, быһаарылары суруйда С. А. Попов-Сэмэн Тумат ; фот. А. И. Винокуров хос туһэриилэрэ уо.д.а.]. - Дьокуускай : Бичик, 2007. - 196 с. : ил.
Бу кинигэҕэ сахалыы маассабай суругу-бичиги төрүттээбит лингвист С.А. Новгородов олоҕо, айбыт-туппут үлэтэ хаартыскаларга, суруктарга, докумуоннарга уонна ахтыыларга олоҕуран кэпсэниллэр. Ааҕааччы киэн эйгэтигэр ананар.
Далан / [хомуйан оҥордо С. А. Попов-Тумат ; ред. А. Г. Павлов]. - Дьокуускай : Бичик, 2001. - 172, [2] с.
Кинигэҕэ Саха народнай суруйааччыта В. С. Яковлев-Далан уруу-хаан,
аймах-билэ, доҕор-атас, бииргэ алтыспыт дьоно, биир дойдулаахтарын
ахтыылара киирдилэр.
В книгу о народном писателе В. С. Яковлеве-Далане вошли воспоминания родных, родственников, близких друзей и земляков из Чурапчинского улуса
Уус-уран айымньыларга, олоххо көрүүлэрэ
- Использованы материалы из электронной библиотеки ЦБС Якутск, книги Краеведческой библиотеки им. В. Г. Белинского. Фотографии с сайта ysiya.ru/
- Выставку подготовили:
- Васильева Мария Михайловна, Попова Екатерина Васильевна
- главный библиотекарь, ведущий библиотекарь
Проснувшись однажды утром после беспокойного сна, Грегор Замза обнаружил, что он у себя в постели превратился в страшное насекомое.