Билиҥҥи кэм биир биллэр, сэргэнэр, ааҕыллар суруйааччыта, Саха сирин суруйааччыларын Сойууһун чилиэнэ, прозаик, драматург Дмитрий Федосеевич 1948 сыллаахха алтынньы 6 күнүгэр «Собо үрүйэтэ» диэн пиэрмэҕэ сэттэ ыйдааҕар төрөөбүт.
1. 1977 сыллаахха Саха Государственнай уиниверситеты бүтэрэн (М.К. Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи Федеральнай университет), зоотехник идэтин ылбыта.
2. 1995 — 2000 сыллардаахха Амма улууһун салалтатын баһылыгынан үлэлээбитэ.
3. Оҕо сылдьан, маҥнай медик буолар баҕа санаалаах эбит.
4. Литература эйгэтигэр киириитэ, суруйааччы аҕа кыннын поэт Петр Тобуруокап туһунан, 2003 сыллаахха «Саха сирэ» хаһыакка, аан бастакы ахтыы-ыстатыйатын «Аҕа кынным» суруйууттан саҕаламмыт. Ол ыстатыйаны Михаил Алексеев-Дапсы саха радиотыгар «Биһирэм тыл» биэриитигэр “…бу зоотехник киһи суруйуутугар тыла-өһө хомоҕойун, икки эрэ алҕаһы буллум…” диэн бэлиэтээбитин истэн, итинтэн ыла айар үлэ абылаҥар сыыйа киирбит автор буолар.
Бу кнопка көмөтүнэн кинигэни библиотекаттан сакаастыаххытын сөп.
Бу кнопка көмөтүнэн кинигэ электроннай көрүҥүн ааҕыаххытын сөп.
Суруйааччы айар үлэтэ баай. Литература араас жанрыгар холонуута элбэх. Автор бэчээттэммит ыстатыйаларын, эбии аймньыларын, кини туһунан суруйуулары бу кнопка көмөтүнэн билсиэххитин сөп.
Кылгас кэпсээннэр, монологтар уонна ахтыылар — бу Дмитрий Наумов уус-уран литератураҕа, чуолаан прозаҕа, бастакы холонуута. Кинигэ геройдарын тылыгар-өһүгэр, күлүүтүгэр-оонньуутугар автор уһун кэмҥэ тыа сиригэр үлэлээбитэ-хамсаабыта, саха норуотун баай тылын-өһүн этигэр-хааныгар иҥэриммитэ көстөр.
Автор иккис кинигэтигэр олоҕун, дууһатын сылаас уйатынан буолар тыа сирин — дэриэбинэтин үөрүүтүн, кыһалҕатын, дьонун туһунан истиҥник суруйар. Дьол, доҕордоһуу, таптал, ытык иэс, араас дьон икки ардыларыгар сыһыаннара ымпыктаан-чымпыктаан ойууланар.
Ааптар бу үһүс кинигэтигэр тыа сирин олоҕун араас өрүттэрин көрдөрөр кэпсээннэр уонна пьесалар киирдилэр. Тыа дьонун-сэргэтин күннээҕи түбүгэ, үөрүүтэ-көтүүтэ иэйиилээхтик, көрүдьүөстүк, эмиэ да киһи сонньуйуон курдук кэпсэнэр.
Тыа дьоно сүөһү-сылгы, ыт-кус ииттэр. Кинилэргэ сыһыаннара олохторун эйгэтин сорҕото буолар. Кинилэрдиин аргыстаһан, киһи арыт дьоллонор, арыт дууһатын, санаатын баттыыр аргыстанар. Кинилэрэ суох тыа киһитэ «кураанах өтөх иччитэ» буолуон, олоҕун чэрчитэ уларыйыан сөп.
Бу кинигэҕэ тыа сирин олоҕун араас өрүттэрин көрдөрөр кэпсээннэр уонна пьесалар киирдилэр. Олорго Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэрии бүтүөҕүттэн бүгүҥҥү күҥҥэ диэри тыа сиригэр буолбут олох араас эргиирдэригэр тыа дьонун сыһыана кэпсэнэр. Кинигэ бүгүҥҥү дэриэбинэ түбүктээх олоҕор олорор тыа дьонугар уонна дойдуларыттан көччөх курдук ыраах көппүт, төрөөбүт буордарыгар ааспат ахтылҕан аргыстаах дьоҥҥо ананар.
Рассказы автора — история о домашних животных. Тонкие наблюдения, пронизанные добротой и любовью к братьям нашим меньшим, мало кого оставляют равнодушным, они заставляют задуматься о многих серьезных вещах. В книге разные персонажи — собаки и кошки, коровы и лошади — представляют перед читателем, вызывая жалость и сочувствие, а порой — щемящую боль и грусть.
Биир оонньуулаах, алта хартыыналаах оҕолорго остуоруйа. Суруйааччы тапталлаах сиэнигэр анаабыт кинигэтэ буолар.
Саьга дьыл туунүнээ5и хотугу остуоруйа. Дмитрий Федосеевич сиэн уолугар Ньургуҥҥа анаабыт кинигэтэ. Оҕолорго үтүөнү-мөкүнү араарарга, дьоҥҥо истиҥ сыһыаны үөрэтэр.
Сказка о первом полевом цветке сардана в переводе Борисовой Л.С.
Учуутал, буойун, народнай поэт Петр Николаевич Тобуруокап төрөөбүтэ 95 сылыгар анаммыт альбом-кинигэ. П.Тобуруокап дьоһун олоҕун бэлиэ түгэннэрин үйэтитэр хаартыскалар, хомоҕой хоһооно, сиэдэрэй уруһуйа, истиҥ суруга уонна ахтыыта киирдилэр.
Дойду үрдүнэн буолбут биир кэрдиис кэмигэр Өрөспүүбүлүкэбитин салайбыт, Аҕа баһылыкпыт Вячеслав Анатольевич Штыров, Саха сиригэр төрөөбүт, харыс халбарыйбакка үлэлээбит, саха дьонун өйүн-санаатын, төрүт үгэһин, олоҕун ытыгылаан иитиллибит нуучча киһитэ, үлэтин-хпмнаһын, дойдубут сайдарыгар дьоһун санааларын, олохтоох толкуйдарын сахалыы сырдатарга холонон суруллубут үлэ. Манна үөлээннээхтэрин, доҕотторун, чугас дьонун, бииргэ үлэлээбит дьонун ахтыыларын, ону-тэҥэ интервью быһыытынан сэһэргэһиилэрэ түмүллэн киирбит.
Книга-альбом о якутском чемпионе по вольной борьбы Айаале Петровиче Лазареве.