Маньяк-убийца Леший, упиваясь вседозволенностью и безнаказанностью, творит чудовищный произвол, а коррумпированная власть закрывает на это глаза. Сотрудник уголовного розыска Чижов пытается встать на пути зарвавшегося уголовника. Но сможет ли он победить отморозка?
Мила была очень красивой рыжей девушкой. И за ней тянулся шлейф жутких слухов и обвинений. Весь поселок был уверен, что она – ведьма. В школе в нее были влюблены многие мальчики. Один из них сначала лишился глаза, а потом повесился. Остальных поклонников тоже настигла смерть…
Константин Журавлев отслужил в милиции двадцать лет. В завершении своей трудовой биографии он серьезно болен и вынужден бороться не только с опасным убийцей, но и со своим недугом. В конце концов он одолевает обоих, благодаря не только близким ему людям, но и жертве кровожадного преступника, подтолкнувшей сыщика к поступкам, спасшим его от неминуемой гибели
Тыын тыыҥҥа харбас… Олох уонна өлүү тыҥааһыннаах түөрэккэй кирбиитигэр тиийбит муҥнаах, туохтан тутуһан, тугу далаһаланан өрүһүммүтүн туһунан, дьиҥнээх олоххо буолбут биир холобурга олоҕуран, бу сэһэҥҥэ кэпсэннэ.
Айымньыга аан дойдуну аймаабыт сүдү содуллаах ыарыы Саха сирин устун тарҕаныыта хас биирдии киһи дьылҕатыгар, олоҕор дьайыыта, дьон ону араастык ылыныыта уустаан-ураннаан ойууланар. Араас дьылҕалаах геройдар олохторо биир сюжекка түмүллэн, саха дьонун уобараһа арыллар.
Эдэркээн Сима Унаарап, университекка киирэн, бүтэриэр диэри устудьуоннуур олоҕо – маҥнайгы туҥуй таптала, кэскиллээх сырдык ыралара, оччотооҕу ыччат араас кыһалҕата киэргэтиитэ суох көстөр. Биир сокуонунан салайтарар, биир тэҥ быраабы тутан олорор улуу дойдуга кырдьыктаах сыһыан туһугар туруулаһарга тиийиллэр.
История не простой жизни обычной якутской женщины, собранная, словно мозаика, из заметок в социальных сетях, стала основой данного издания. Прописные истины, ненавязчивые советы и особенная женская сила и энергетика делают эту книгу интересной и притягательной. Особым украшением издания стали иллюстрированные рецепты Натальи Ивановой.
Игнатий Ленскай сахалыы ылбаҕай тыллаах кэпсээннэригэр устар олохпут тухары көрсөр үгүс-элбэх улахан да, кыра да моһоллорбутун, уустуктарбытын эрдээхтик уонна кырдьыктаах эрэ өттүн тутуһан ааспыт эбэтэр уйбакка, тулуйбакка сүрдэрэ тостон дьылҕалара таҥнастыбыт дьон туһунан суруллар.
Кинигэҕэ киирбит сэһэн, кэпсээн уонна эссе ис хоһоонноро Аҕа дойду Улуу сэриитигэр ананар. Биирдиилээн дьон дьылҕатын, муҥурданыытын нөҥүө бу сэриигэ алдьархайдаах сүтүгү көрсүбүт саха омугун ол кэминээҕи олоҕо, аһыыта-абата, ырата-таптала долгутуулаахтык көрдөрүллэр; сэрии хонуутугар уонна үлэ кирбиитигэр улуу Кыайыыны уһаарбыт ньургун дьон холобура суох хорсун быһыытыгар сүгүрүйүү уус-уран тылынан тиэрдиллэр.
Эдэркээн учуутал Эрчим Быгаанап аармыйаҕа ыҥырыллан силлиэлээх-буурҕалаах Чукоткаҕа сулууспалыыр. Ааптар бу уруһуйдуур дьоҕурдаах, сайаҕас майгылаах уолунан уонна кини доҕотторунан сирэйдээн, саха ыччата ханна да тиийдэҕинэ, араас омук бэртэрин кытта тэҥҥэ, үксүгэр ордук даҕаны, сулууспалыырын, эҥин моһоллору этэҥҥэ туоруурун итэҕэтиилээхтик, киэн тутта сэһэргиир.
Кинигэҕэ биллиилээх суруйааччы, публицист, нивх суругун-бичигин төрүттээбит Владимир Михайлович Санги айымньылара сахалыы уонна нууччалыы тылынан киирдилэр.
Сэһэҥҥэ оскуоланы саҥа бүтэрэн, олох киэҥ аартыгар үктэммит, олоҕун оҥостунар эдэркээн кыыс туһунан кэпсэнэр. Биэрискэ, киириилээх-тахсыылаах улуус киинигэр улааппыт оҕо бастаан быраас идэтиттэн саҕалаан, араас идэҕэ холонон көрөр. Бэйэтэ да соһуйуон иһин, улуус киинигэр улааппыт оҕо үйэлээх үгэс түстэммит тыа сирин нус-хас олоҕор дьиҥ дьолун булан, киһи буолан кэскиллэнэр.
В сборник вошли детективные рассказы разных лет, написанные на основе реальных уголовных дел, имевших в свое время большой общественный резонанс. Рассказы знакомят с нелегкой службой якутских оперативников, впечатляют мужественными и яркими образами сотрудников уголовного розыска. Среди них есть выдуманный герой, подполковник в отставке, сыщик Петр Петрович Мурунов, который по-прежнему в эпицентре раскрытия уголовных дел.
Саха народнай суруйааччыта Василий Егорович Васильев — Харысхал аа5ааччыларыгар, баччааҥҥа диэри айах кэпсээнигэр эрэ сылдьыбыт саха ытык-мааны дьонун, ытыллыбыт ыралаах ыччаттарын тустарынан этиллибэтэх кырдьыгы кэпсиир документальнай романа. Оччотооҕу уустук кэми чопчу докумуоннарга өйдөнүмтүө, тыла-өһө аныгылыы, геройдара үксэ эдэр дьон. Омос көрдөххө судургу, болҕойдоххо былаас уларыйыытын уустук проблемалара кырдьыктаахтык сырдатыллар.
Произведения Н. Лугинова — это художественное освоение поэтических структур фольклора, интересное переосмысление их («Баллада о Черном Вороне», легенды о древнемонгольских и тюркских вождях), творческий поиск новых тем в своеобычной культуре древних саков, хуннов и тюрков, откуда берет свои корни якутский народ.
Книга-альбом, посвященная 75-летию Победы в Великой Отечественной войне 1941–1945 гг., документально рассказывает правду об участии граждан, жителей Якутии в освобождении Родины. В издании затронуты не только героические, но и так называемые «неудобные» страницы истории. Составители противопоставили идеологической атаке ненавистников России документы и сведения, основанные на архивных данных, на правдивых свидетельствованиях реальных людей времен Великой Отечественной войны.
В эту уникальную книгу воедино слились лучшие 100 проектов, реализованных к 100-летию ЯАССР по итогам 2016 – 2021 г.г.
Презентованные проекты – это инициативы муниципальных поселений, простых активистов, общественных организаций, которые были успешно реализованы благодаря республиканским и федеральным грантам. Данная книга будет кладезью идей и новых инициатив
В издание включены три книги, объединенные единой тематикой о первом Якутском областном инородческом съезде, проходившем с 25 августа по 1 сентября 1912 г. в г. Якутске: Ковлеков С.И. «В.В. Никифоров и съезд якутов 1912 года». – Якутск, 1996; Романова И.Л. «Историко-исследовательский проект “Лики истории”»; Никифоров В.В. «Протоколы Якутского областного инородческого съезда, проходившего в г. Якутске с 25 августа по 1 сентября 1912 г.» – Якутск, 1912.