Центральная городская библиотека «SMART-библиотека им. Н.Д. Неустроева» 

Сиккиэр тыал, сирилээн ааһыма...

Степан Егорович Дадаскинов төрөөбүтэ 90 сыла

Поэт, прозаик, «Геван» эрэдээксийэни олохтообут суруналыыс,  суруйааччы Степан Егорович Дадаскинов 1933с. Үөһээ Бүлүү II-с Боотулу нэһилиэгэр атырдьах ыйын 20 күнүгэр төрөөбүтэ. 

Суруйааччы саха литературатыгар чаҕылхайдык поэзия жанрыттан саҕалаабыта. Элбэх хоһоонноро ырыа буолан дьон-сэргэ уоһуттан түспэккэ ыллана сылдьаллар.

Поэт олоҕуттан быһа тардан....

1. 1954с. Дьокуускайдааҕы фельдшердар-акушердар оскуолаларын бүтэрбитэ.

2. Суруйааччы араадьыйаҕа уонна телевидениеҕа тахсар «Геван» биэриини олохтообута. Биэриилэрэ 90-с сыллар саҕаланыыларыттан эбээн, эбэҥки, саха уонна нуучча тылларынан тахсаллара. Бу биэриилэргэ хотугу аҕыйах ахсааннаах омуктарын тылларын уонна култуураларын харыстааһыҥҥа, сайыннарыыга аналлаах боппуруостар көтөҕүллэллэрэ. Холобур, таҥас тигиитин, ас астааһынын уратыларын туһунан кэпсиирэ. Бу үлэтэ НКИК«Саха» пуондатыгар ханна да атын сиргэ суох туундара культуратын матырыйааллара хомуллан сыталлар.

3. «Манчаары туһунан ырыа» опера, «Аалтаан үөрүүтэ» балет, «Саха саргыта», «Аар Бүлүү yoттара» ораториялар, «Айхал, эйиэхэ Россия!» кантата либреттоларын айбытыгар, биллэр композитордар Герман Комраков, Генрих Литинскэй, Эдуард Алексеев, Николай Берестов музыка суруйбуттара.

Кинигэни ааҕарга, уларсарга сүбэлэр

Бу кнопка көмөтүнэн кинигэни библиотекаттан сакаастыаххытын сөп.
Бу кнопка көмөтүнэн кинигэ электроннай көрүҥүн ааҕыаххытын сөп.

Суруйааччы айбыт хоһоонноро, ырыалара

Дадаскинов С. Е. Бүлүү долгуннара

Суруйааччы айар үлэтин 1960-с сыллартан саҕалаабыта. Бу кинигэ5э поэт аан маҥнай айбыт хоһоонноро киирдилэр.  

Кинигэ туһунан Сабабыт

Дадаскинов С. Е. Кубалаах күөл

Суруйааччы бу кинигэтигэр төрөөбүт дойдутун кэрэ айылҕатын, тапталын, эрэлин хоһуйар. Хоһоонноро олус истиҥ буолан, ааҕаччы болҕомтотун тардар.  

Кинигэ туһунан Сабабыт

Дадаскинов С. Е. Симфония тундры

Поэт нуучча тылынан суруйбут бастакы кинигэтэ. Хоту дойду тыйыс айылҕатын, үтүө санаалаах, үлэһит норуотун хоһуйар. 

 

Кинигэ туһунан Сабабыт

Дадаскинов С. Е. Ыллыахпын баҕардым

Бу кинигэҕэ поэт биллэр ырыа буолбут хоһоонноро, уостан түспэккэ сылдьар, дьон сөбүлээн истэр ырыалара киирдилэр. 

 

Кинигэ туһунан Сабабыт

Прозаик быһыытынан суруйбут кэпсээннэрэ

Дадаскинов С. Е. Күн суола

Хоту дойду айылҕатын кэрэтин, үлэһит норуотун уонна баайын-дуолун туһунан кэпсээннэр. Кинигэ киһиэхэ ытыктабыллаах сыһыаны, айылҕаны харыстыырга үөрэтэр.

Кинигэ туһунан Сабабыт

Дадаскинов С. Е. Кыталыктар үҥкүүлэрэ

Орто саастаах оскуола оҕолоругар анаммыт айымньылар. Саха сирин кэрэ айылҕата итэҕэтиилээхтик ойууланар. Доҕордоһуу, таптал, эйэлээх олох темата көтөҕүллэр.

Кинигэ туһунан Сабабыт

Дадаскинов С. Е. Буурҕа түүн

 Кэпсээн геройа Кэскил, муммут ийэтин өлүүттэн өрүһүйэр. Оҕо соҕотоҕун хараҥаттан, буурҕаттан иҥнибэккэ ытын кытта ыраах баран, үтүө, хосун быһыыны көрдөрөр.

Кинигэ туһунан Сабабыт

Дадаскинов С. Е. Күүтүү

Киннгэ геройдара олох араас ыарахаттарын көрсөн, кыһалҕаларын чиэстээхтик туораан, инникигэ эрэллээх, боростуой тыа дьонун туһанан ойууланар.  

Кинигэ туһунан Сабабыт

Саха литературатыгар бөдөҥ айымньылары, романнары суруйан хаалларбыта

Дадаскинов С. Е. Эргиллии

Айымньыга Саха сирин тыйыс дойдулаах, Тундра 60-с ссыллардааҕы ыарахан олохторун  ойуулуур, социально психологическай роман. 

Кинигэ туһунан Сабабыт

Дадаскинов С. Е. Кырса суола: "Эргиллии" роман иккис кинигэтэ

Роман иккис чааһыгар, хоту дойду ыарахан олохторун-дьаһахтарын тупсарыыга, сайдыыга үктэнэллэрин туһунан бөдөҥ айымньы. 

Кинигэ туһунан Сабабыт

Дадаскинов С. Е. Харгы: "Эргиллии" роман үһүс кинигэтэ

Айымньыга сиртэн хостонор баайы сомсон эрэ ылар туһугар айылҕаны киртитии, алдьатыы тахса турар . Итинник быһыыны утары хоту сир олохтоохторо туруулаһан туруорсууларын туһунан айымньыга ылыннарыылаахтык кэпсэнэр. Ону тэҥэ дьону «норуот өстөөхтөрө» диэн сымыйанан буруйдаан балыйыы алдьархайа -сыыйа арыллар.

Кинигэ туһунан Сабабыт

Дадаскинов С. Е. Туман: "Эргиллии" роман төрдүс кинигэтэ

Эрдэ бэчээттэммит «Эргиллии», «Кырса суола» уонна » Харгы» романнар салгыылара, итиэннэ  түмүктүүр кинигэ. Манан, автор инники айымньыларын геройдара туох-ханнык дьон эбиттэрин, кинилэр кэнники дьылҕаларын туһунан кэпсээһини түмүктүүр. Ону таһынан Саха сиригэр ыытыллыбыт термоядернай дэлби тэптэриилэр айылҕаҕа, дьоҥҥо содулларын уонна өссө инникитин, төһөлөөх куһаҕан дьайыылаах буолуохтарын сабаҕалыыр.

Кинигэ туһунан Сабабыт

Суруйааччы биллэр дьон туһунан ахтыылары, очеркалары суруйбута

Дадаскинов С. Е. Кэрэ киһи кэлэн барда

Үөһээ Бүлүүтээҕи Райкомун идеология секретарынан, тэрийээччи-көҕүлээччи, үчүгэй салайааччы Николай Захарович Дмитриев туһунан ахтыылар.

Кинигэ туһунан Сабабыт

Бучугурас бөҕөс: (ахтыылар)

Фронтовик, Саха сириттэн хапсаҕай көрүҥэр бастыҥ абсалютнай чемпион, сураҕырбыт бөҕөс Василий Степанов — Бучугурас туһунан  ахтыы кинигэ.  

Кинигэ туһунан Сабабыт

Аатырбыт снайпер Иван Кульбертинов: ахтыылар

Кинигэҕэ аатырбыт снайпер, булчут, Советскай Союз Геройа И.Н. Кульбертинов уһулуччулаах хорсун быһыыларын, үлэҕэ ситиһиилэрин, киһи быһыытынан кэрэмэһин туһунан чугас дьонун, бойобуой доҕотторун ахтыылара киирдилэр.

Кинигэ туһунан Сабабыт

Дадаскинов С. Е. Күүстээх Мордьоноохоп

  Хомуурунньукка учуутал, спортсмен, фронтовик А.П.Васильев-Куустээх Мордьоноохоп, кини доҕотторун туһунан чугас дьонун, доҕотторунахтыылара киирдилэр.

Кинигэ туһунан Сабабыт

Наш адрес:

Центральная городская библиотека «SMART-библиотека им. Н. Д. Неустроева»

677000, Республика Саха (Якутия),
г. Якутск, 203 мкр., ул. Ларионова, д. 12 А

тел: +7 (4112) 31-85-80, доб. 3

WhatsApp: +79963155140

эл. почта: smart@cbsykt.ru

Подготовил:
Беленкова М.В., ведущий библиотекарь