В тематической подборке собраны произведения якутских авторов о любви.

Книги, написанные с глубоким смыслом и душой о самом значимом чувстве в жизни человека, настроят на романтический лад, вдохновят и подарят незабываемые эмоции.

Со вкусом романтики

Краткая инструкция

С помощью кнопки «Заказать книгу» можно сделать предзаказ документа в библиотеке. Уведомление о готовности заказа придет на указанный вами адрес электронной почты.

Таптал
  • Маҥнай кини,
  • Күлүм гыммыт испиискэлии,
  • Хараҥаҕа үөрэммит
  • Хараҕы саатырдар.
  • Кэлин кини
  • Күннээҕигэ кубулуйар.
 

Прокопий Чуукаар

knigi-o-liubvi-detiam.width-800

Книги о любви

Ол хаһан, хайдах этэй? Эдэркээн сүрэхпин аймаабыт, олох кэрэтин көрдөрбүт күндүттэн күндү киһим – маҥнайгы тапталым үйэ-саас тухары өйбөр-санаабар сүппэттии хааллаҕа, истиҥ иэйии буолан дууһабар иҥтэҕэ. Махтанабын, доҕоруом, үрүҥ түүн чуумпутун, сиккиэр тыал сылааһын, эдэр саас дьоллоох түгэннэрин бэлэхтээбиккэр…

Аннотация Закрыть

"Мин маҥнайгы тапталым" Сост. Макарова В.Н., Семенова У.А.

Дьылҕа Хаан үөйбэтэх-күүппэтэх өттүттэн киһи олоҕун ытыйара баар суол — огдообо эр киһи оҕотун уонна таптыыр дьахтарын икки ардыларыгар хайа тартарыыта, кырдьаҕас дьон соһуччу күөдьүйбүт таптал иэйиитигэр куустарыылара, кырыыс тыл оҕо дьылҕатыгар дьайыыта, тапталы таҥнарыыттан олох сатарыйыыта…
Ааптар, олоххо билбит-көрбүт чахчыларыгар олоҕуран, ааҕааччыга тиийэр, толкуйдатар гына уустаан-ураннаан сиһилии суруйарынан уратылаах. Хомуурунньукка дьиҥ олохтон араас дьон дьылҕата ырылхайдык арыллар.

Аннотация Закрыть

"Таптыырга саас мэһэйдээбэт" Марков С.С.

Сэһэҥҥэ эдэркээн кыыс-дьахтар туһунан суруллар эрээри, дьиҥ ис хоһооно, кистэлэҥ тыына эр хоһууннарга ананар уратылаах: «Харыстааҥ даа, кыыһы, дьахтары! Таһыттан көрдөххө чахчы да тулуурдаах, кыайыгас буолуо эрээри, кини иҥиир ситиитэ кэбирэх, кирсин дуома чараас, көрүөх бэтэрээ үрэллибит курдук эстэн түһүө, элэс гыныа! Хаһан да төннүбэттии! Өйдөөҥ даа, эрдэтинэ!».
Кэс тыл, көрдөһүү көҥөс тыллара кулгаахха иһиллэргэ дылылар…

Аннотация Закрыть

"Санатыма дуу, ааспыты..." Иринцеева Е.С.

Ааптар айымньытын иккис чааһыгар мүччүргэннээх олоҕун туһунан салгыы умсугутуулаахтык сэһэргиир. Ааҕааччы эбээн норуотун күнү айхаллыыр Нөргүнэк диэн сүрүн бырааһынньыгын, араас дьикти күрэхтэһиилэрин кытта билсиэҕэ, кутталлаах сундуук кистэлэҥин арыйыаҕа. Романы Нулгынэт өбүгэлэрин олоҕу хоһуйар, айылҕаҕа сүгүрүйэр, саргыны саҕар тойуктара, ырыалара киэргэтэллэр.

Аннотация Закрыть

"Таптал күүһэ. 2 Ч." М.Федотова-Нулгынэт

Игнатий Ленскэй сахалыы ылбаҕай тыллаах кэпсээннэригэр устар олохпут тухары көрсөр үгүс-элбэх улахан да, кыра да моһоллорбутун, уустуктарбытын эрдээхтик уонна кырдьыктаах эрэ өттүн тутуһан ааспыт эбэтэр уйбакка, тулуйбакка сүрдэрэ тостон дьылҕалара таҥнастыбыт дьон туһунан суруллар. Хомоҕой, ис киирбэх тыллаах айымньылар ааҕааччыга талар, толкуйдуур, ырытар кыаҕы биэрэллэр,онон ордук сонуннар, сэргэхтэр.

Аннотация Закрыть

"Сурэх сойбот таптала" Федоров И.И.- Ленский

Кинигэҕэ Саха норуодунай суруйааччыта Н.Е. Мординов-Амма Аччыгыйа аатынан Саха Өрөспүүбүлүкэтин «Кэскил» оҕо бэчээтин кыһата 2015 сылга «Айар ыллык» диэн оҕоҕо аналлаах айымньыны суруйууга сабыылаах улахан күрэҕин кыайыылаахтарын айымньылара киирдилэр.
В книгу вошли произведения победителей республиканского закрытого конкурса «Айар ыллык» на лучшее литературное произведение для детей, организованного в 2015 году Детским издательством «Кэскил» им. Н.Е. Мординова-Амма Аччыгыйа.

Аннотация Закрыть

"Таптыыбын... Шёпот сердца" Иринцеева Е.С. - Огдо

Айымньы сүрүн геройа Бэриэт Түбүктээхэп, билим сыаналаах үлэһитэ, саҥа-сонун толкуйдарын, идеяларын олоххо киллэрэр модун дьүккүөрдээх. Ону кини көнө майгытынан, ыраас сүрэҕинэн, санаатын күүһүнэн, сырдыкка-үтүөҕэ эрэлинэн ситиһэргэ дьулуһар. Онуоха албыны-көлдьүнү, таҥнарыыны, ордук санааһыны, күүстээх утарылаһыыны көрсөр, доруобуйата айгырыыр… Тиһэҕэр Бэриэт тугу ситистэ, олох тургутуутун хайдах туораата? Киһи бу Орто дойдуга тус суолун, аналын буларыгар ким-туох тирэх, өй-санаа, күүс-көмө буоларый? Ону, күндү ааҕааччы, бу айымньыттан билиэҥ.

Аннотация Закрыть

"Таптал уонна дьүккүөр" Адамов Г.И.-Сайдам

Бу айымньыга кэпсэнэр дьон эдэр саастарыгар оҥорбут алҕастара кэнэҕэскитин туох дьайыылаах буолла? Кэргэнниилэр олохторугар үһүс киһи, «көстүбэт күлүк» баара мэһэйдиир. Ол эрээри, кинилэр ол күлүк киһи иннигэр, төттөрүтүн, буруйдаах курдук сананаллар, олохторун тиэрэ эргитэргэ күһэллэллэр. Тоҕо? Сыл хонук ааспытын кэннэ куһаҕаны умнан, бэйэ-бэйэни бырастыы гынан, салгыы олоруохха сөп. Онуоха Панкратий Александров санаатынан, «дьылҕа хаан ыйааҕа», «олох оҥоһуута», «дьылҕаны утары барбаккын» диэн этиилэри сөпкө өйдүөххэ эрэ наада эбит…

Аннотация Закрыть

"Дьол хараҕа суох" Намылы

Төбөтүн толкуйунан салайтара сатыыр, сиэрдээх санаалаах, кырдьыгы тутуһар, сымыйаны саралыыр баҕалаах сабыс-саҥа идэтийбит киһиэхэ туох харгыс баарый? Кини – учуутал. Кырата суох кыһалҕалаах кырачаан дьоҥҥо билиини иҥэрэр үөрэхтээх эдэр учуутал кыыс барахсан тус бэйэтин олоҕор болҕомтото тиийбэтэ баар суол. Ол эрээри, үтэн-анньан уйуһутан көрөр салалта киниэхэ туттарбыт “уустук” кылааһын хайдах урууллуурун, бэйэтин тус көрүүтүн хайдах сааһыланарын ким сэрэйиэй, арай учуутал күннүгэ эрэ билэн эрдэҕэ.
Оттон ол күннүк күннэтэ кэпсиир кистэлэҥин арыйдахха – дьиҥнээх олох. Түбүк. Дьарык. Таптал. Кэлэйии. Киэптэтии. Мунуу. Быһаарыныы. Дьылҕаҕа бэринии…

Аннотация Закрыть

"Табыллыбат/табыллыбыт таптал. Учуутал күннүгэ 1 часть" Татьяна Поскачина

Саха народнай поэта, биллиилээх драматура, прозаига Иван Михайлович Гоголев-Кындыл норуот үһүйээнигэр олоҕуран суруйбут «Хара кыталык» романыгар айылҕаттан айдарыылаах, дьикти дьоҕурдаах Хобороос кыыс дьылҕата ойууланар.
 
Роман якутского писателя Софрона Данилова «Сүрэх тэбэрин тухары» стал произведением, который заложил основу якутской прозы. Он отличается психологической наполненностью, горячим накалом и остротой сюжетных коллизий. 

 

Централизованная библиотечная система ГО «Город Якутск» — это 18 библиотек-филиалов. На сайте cbsykt.ru вы можете узнать новости из мира библиотек, стать участником акций, мероприятий, а также воспользоваться электронными услугами!

МОДЕЛЬНАЯ БИБЛИОТЕКА «ТРИ-Д: ДЛЯ ДЕЛА, ДУШИ И ДОСУГА»

677018, г. Якутск, ул. Хабарова, д. 27/11
+7 (4112) 21-75-77
3d@cbsykt.ru

Подписывайтесь на нас, следите за самыми актуальными новостями

Будьте с нами в своей любимой социальной сети!

  • Выставку подготовил:
  • Диана Игнатьева, библиотекарь