Софрон Данилов айар үлэтинэн, өйүнэн—санаатынан, тылынан—өһүнэн олоххо—дьаһахха эргиччи дьайбытынан саха норуотугар үтүөтэ—өҥөтө сөҕүмэр улахан. Саха сирин норуоттарын дириҥ ытыктабылын, сүдү тапталын ылбыт суруйааччылартан биирдэстэрэ, талааннаах прозаик, бүтүн Россия ааҕааччыларыгар тиийэ киэҥник биллибит суруйааччы, бөдөҥ общественнай деятель Софрон Петрович Данилов быйыл төрөөбүтэ 100 сыла буолар. Бу туран, саха норуотун чулуу уолун олоҕун, айбытын—суруйбутун, кини кимин туһунан бүгүҥҥү быыстапкабытыгар сырдатыахпыт. Софрон Петрович киһи быһыытынан олус элэккэй, дьиҥнээх доҕор, төрөөбүт дойдутугар олус бэриниилээх киһи быһыытынан сыаналыыллар. Кини туһунан өйдөбүл өлбөөдүйбэт, өспөт-сүппэт. Саха суруйааччылара, доҕотторо, дьоно-сэргэтэ кини туһунан мэлдьитин ахталлар, саныыллар.
Софрон Данилов үйэ аҥарын чугаһыыр кэм устатыгар проза бары жанрдарыгар талаана аһыллан, ситиһиилээхтик үлэлээн Саха сирин уонна Россия киэҥ ааҕааччыларын биһирэбиллэрин ылбыт бэрт кэрэхсэбиллээх айымньылары айбыта. Маҥнай поэзияттан саҕалаабыта, оттон кэпсээн жанрыгар киирбитэ.
Сайдыы суолугар үктэнэн, саха литературатын сэһэн жанрыгар дьон биһирэбилин ылбыт айымньылардаах.
Софрон Данилов бөдөҥ прозаическай айымньылар автордарын быһыытынан биллэр. Кини киэҥ биһирэбили ылбыт романнар автордара. Суруйааччы ити айымньылара саха литературатын үрдүк ситиһиитинэн, сайдар кэрдииһин туоһутунан буолаллар.
Суруйааччы кэнэҕэски кэлэр ыччат сиэрдээх-майгылаах, үрдүк культуралаах, дьоҥҥо үтүө сыһыаннаах, сатабыллаах буоларга үөрэтэр, толкуйдатар айымньалардаах.
Саха норуодунай суруйааччыта Софрон Петрович Данилов норуотун олоҕо-дьаһаҕа тупсарын, инники сайдыытын туһугар эппит этиилэрэ, саҥарбыт санаалара билигин да дириҥ суолталаахтар. Бу кэскиллээх этиилэрэ саха норуота саҥалыы толкуйдууругар көмөлөөх буолаллар.
Бу кинигэҕэ Софрон Данилов саамай аатырбыт, дьон кутун-сүрүн туппут «Сүрэх тэбэрин тухары» романа, «Уот», «Тоскин» диэн сэһэннэрэ нууччалыы тылбааһа киирбит.
Суруйааччы “Киһи биирдэ олорор” ромаҥҥа Саха сиригэр гражданскай сэрии бүтэһик кэмэ көстөр. Кинигэҕэ бу айымньыны «Красавица Амга» диэн тылбааһа уонна суруйааччы кэпсээннэрэ киирбитттэр.
Софрон Данилов экология проблематын өрө туппут биир айымньытынан буолар «Барымаҥ да, кубалар» роман буолар. Бу кинигэҕэ роман уус-уран тылбааһын ааҕыаххыт.
Норуодунай суруйааччы Софрон Данилов кинигэлэрин 10-с томугар төрөөбүт норуотун олоҕун-дьаһаҕын, биллэр дьонун-сэргэтин, дойдутун сайдыытын, искусствотын, литературатын туһунан санаалара киирдэ.
Быыстапка кинигэлэрин, суруйааччы айымньыларын SMART-библиотека фондуттан уонна СР Национальнай библиотекатын электроннай библиотекатыттан уларсыаххытын сөп.
Электроннай библиотека ааҕааччыта буолуоххутун баҕарар буоллаххытына, personalsmart@cbsykt.ru почтаҕа суруйаҥҥыт билсиҥ.
Туһаныллыбыт материаллар: