ТОҔУС КЭРЭХСЭБИЛЛЭЭХ САХАЛЫЫ КИНИГЭЛЭР

Киhи аймах көлүөнэттэн көлүөнэҕэ, үйэттэн үйэҕэ муспут бараммат баайа, уостубат кылаата барыта кинигэҕэ киирэр. Айымньы буолар үтүөҕэ — кэрэҕэ үөрэтээччи, киьи дууhатын байытааччы, өркөн — өйү саҕааччы.

Саха Сирин бастакы Президенэ М.Е. Николаев 1996 сыл олунньу 9 күнүнээҕи 1294 №-дээх «Төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик күнүн биллэрии туһунан» Ыйааҕыгар олоҕуран, С.А. Новгородов төрөөбүт күнэ – олунньу 13 күнэ – Төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик күнүнэн биллэриллибитэ. Бу күн Саха Сирин төрүт олохтоохторун төрөөбүт тылларын сайыннарыыга, бастакы саха суругун-бичигин олохтообут саха лингвист-учуонайа, бастакы саха үөрэҕин кинигэлэрин таһаарааччы Семен Андреевич Новгородов сырдык кэриэһин үйэтитэр, аатын ытыктатар соруктаах.

КРАТКАЯ ИНСТРУКЦИЯ

С помощью кнопки «Заказать книгу» можно сделать предзаказ документа в библиотеке. Уведомление о готовности заказа придет на указанный вами адрес электронной почты.

С помощью кнопки «Читать в ИЛИМ» можно прочитать книгу бесплатно в единой поисковой системе библиотек Якутии. 

Николай Якутскай «Төлкө»

Айымньы киэҥ кэми, буолан ааспыт араас событиелары хабан көрдөрөр, оччотооҕу саха дьонун олоҕун-дьаһаҕын, дьылҕатын сиһилии көрдөрөр историческай хабааннаах роман буолар.

Василий Яковлев-Далан «Дьикти саас»

 Эдэркээн киһи өйө-санаата уларыйарын, олоххо бэйэтин суолун көрдөөн булар дьулуурун туһунан этэр-кэпсиир уонна кыһалҕаларын өйдүүр роман бу буолар.

Кулаковскай Алексей Елисеевич «Ойуун түүлэ»

Бу айымньы бэйиэт төрөөбүт норуотун дьылҕатын уонна аныгы аан дойду кыһалҕаларын туһунан дириҥ толкуйун  өтө көрөн ойуулуур.

1917 сыллаахха Семен Андреевич Новгородов латинскай алфавикка олоҕуран, сахалыы маассабай алфавиты оҥорбута. «Сахалыы сурук-бичик» диэн кинигэни таһаарбыта. Онтон С.А. Новгородов салалтатынан суруллубут «Бастааҥҥы сурук-бичик» 1923 с. «Сурук-бичик», «Ааҕар кинигэ» тахсыбыттара. Саха республикатын правительствота 1924 с. Новгородов алфавитын официальнай алфавит быһыытынан билиммитэ.

Букварь уонна саҥа алфавит көмөтүнэн оскуолаҕа оҕолору төрөөбүт тылынан уөрэтэр кыах баар буолбута, сахалыы сурук-бичик түргэнник тарҕанан барбыта.

Тимофей Сметанин «Лоокуут уонна Ньургуһун»

Норуот номоҕор олоҕуран суруллубут драма. Икки ыал олоҕо көстөр. Бу ыал оҕолоро баай кыыһа Ньургуһун, дьадаҥы ыал оҕото Лоокуут бииргэ улааппыттара. Бэйэ бэйэлэрин таптаһаллар. Ньургуһун аҕата кыыһын баай ыал уолугар кэргэн биэрэргэ быһаарынар.

Василий Васильевич Никифоров – Күлүмнүүр «Манчаары»

Пьесаҕа суруйааччы саха дьонун дууһата, санаата-өйдөбүлэ сайдыы араас кэрдииһигэр турарын көрдөрөр. Манчаары оҕо сааһыгар амарах сүрэхтээҕэ көстөр. Тулаайах хаалан баран Манчаары баай абаҕата Чоочоттон атаҕастанан, онтон абаккаран иэстэһэр санааҕа турунар.

Софрон Данилов «Сурэх тэбэрин тухары»

Арамаан сүрүн геройа учуутал маҥнайгы тапталын төрөөбүт дойдутугар үлэлии кэлэн, көрсөр.  Ромаҥҥа оскуола эрдэҕинээҕи ыраас маҥнайгы тапталтан саҕалаан, бүтүн норуот кыһалҕатыгар, дьылҕатыгар тиийэ сыһыаннаах проблемалар таарыллаллар.

Тыл — киһи айбыт биир эриэккэс көстүүтэ. Киһи төрөөбүт тылын төһө дириҥник билэр да, соччонон кинини ытыктыыр. Хомо5ой тыл, үтүө үгэс, мындыр ѳй барыта араас уус-уран айымньыларга түмүллэр. Саха омук тыла баай, кэрэ, байа-барҕара турар, сайдар үүнэр кэскиллээх.

Василий Семенович Яковлев – Далан «Тулаайах О5о»

Нуучча кэлиэн иннинээҕи саха норуотун олоҕун киэҥник хабан көрдөрөр историческай роман ааҕааччы биһирэбилин ылбыта, Даланы романист быһыытынан дьоҥҥо-сэргэҕэ билиһиннэрбитэ.

Семен Маисов «Ийэм кэпсиир»

Манна ааптар ийэтин оҕо сааһа хайдах курдук кыһалҕалаахтык, ону тэҥэ дьоллоохтук ааспытын туһунан тоҕус аҥаар сылы быһа тиһэн суруйбутун туһунан кэпсэнэр.

Амма Аччыгыйа «Сааскы Кэм»

Ромаҥҥа былаас уларыйар кэмигэр саха олоҕо олус кырдьыктаахтык ойууланан көрдөрүллүбүт. Сүрүн герой Микиитэ уобараһыгар оччотооҕу оҕо киһи үүнэн-сайдан иһиитин суруйааччы бэркэ ойуулаабыт.

СТАЦИОНАРНЫЙ ПУНКТ БИБЛИОТЕЧНОГО ОБСЛУЖИВАНИЯ «ИСТОКИ»

677911, с. Старая Табага, ул. Лесная, д. 12

istoki@cbsykt.ru

Подписывайтесь на нас, следите за самыми актуальными новостями

Будьте с нами в своей любимой социальной сети!

  • Выставку подготовила:
  • Григорьева Александра Ивановна,
  • главный библиотекарь