выставка посвящена Году здоровья в Республике Саха (Якутия),
где отражено значение логотипа года и представлена литература
на якутском языке о здоровье
«Задача властей, общества и каждого человека по отдельности — заботиться о своём здоровье. Речь идёт о здоровье физическом, духовном, нравственном. И только симбиоз данных подходов может родить здоровое общество. С этой точки зрения мы, конечно, в 2021 году обратим самое серьезное внимание на сферу здравоохранения», — заявил глава Якутии Айсен Николаев.
В основе логотипа лежит оберег «Чөл Кут-Сур», который символизирует здоровье и призван защищать население в сложившихся непростых условиях в современном мире. Лировидный мотив в основе логотипа рассматривается как мировое древо – древо жизни, древо плодородия, древо восхождения.
Синий цвет символизирует вечность, постоянство, духовное начало, верность, стабильность, несокрушимость. Синий считается цветом мудрости, высших знаний и духовной силы.
Зеленый цвет — цвет жизни и роста, воскрешения и процветания, безопасности и гармонии.
Год здоровья в Якутии — это комплексный год, в течение которого власть, общество и отдельный человек должны задуматься о здоровье, о здравоохранении и найти способы решения существующих в этой сфере проблем.
Кинигэҕэ чɵл, чэгиэн туруктаах сылдьыы, бэйэни кɵрүнүү, эмтээх оттору кɵдьүүстээхтик туһаныы туһунан элбэх холобур, сүбэ киирдэ
Аныгы олоххо медицина төһө да сайыннар, ыалдьар дьон аҕыйаабат. Саамай сүрүнэ – доруобай сылдьыаххайыӊ диэн этэбит. Оттон доруобуйабытын эрдэттэн хайдах көрүнэбит, хайдах көмүскэнэбит? Маннык ыйытыыларга судургу хоруйдары, хас биирдии киһиэхэ сөптөөх, тоҕоостоох эрэсиэптэри, үтүө сүбэни-аманы бу кинигэттэн булуоххут. Тус олоххутугар туһаныаххыт.
Кинигэҕэ чөл буолууга, эти-сиини чэбдигирдиигэ сүбэлэр, доруобуйаны тупсарар араас ньымалар киирдилэр.
Төрүт культураны тилиннэрии диэн аӊардас ырыанан-уӊкүүнэн муӊурдаммакка саха саргытын, дьолун түстүүр ис сүнньүн дьоӊӊо тиэрдэн, өйгө-санааҕа иӊэрии буолар. Ити төрүт санааны эдэр ыччакка төрүөҕүттэн иӊэрэн, кэмин-кэрдиитин аһарбакка такайдахха, дьоллоох дьонноох саха саргыта сарбыллыа суоҕа.
Бу брошюра киһи бэйэтин этин-хаанын туһанылла илик кыахтарын уонна олору хайдах сайыннарар, туһанар уонна чочуйар хоруйдааһыӊӊа ананар.
Кэлиӊӊи кэмӊэ инсульт элбээн иһэрэ, бу ыарыыга, бэл, эдэр дьон ылларара киһини дьиксиннэрэр. «Охсор охсуу» ханна, хаһан буулуоҕун өтө көрбүт суох. Ааптар, инсультан иккитэ өрүттүбүт киһи, бу үлэтигэр научнай төрүккэ оло5уран, сахалыы сиэр-майгы үгэстэригэр тирэнэн, ыарыыттан эмтэнии, харыстаныы ньымаларын кэпсиир.
Бу дьоҕус кинигэҕэ ааптар өбүгэлэрбит былыр хайдах эмтэнэн кэлбиттэрин, ойуун, удаҕан, отоһут эмтииргэ туттар ньымаларын, бэйэтэ олоҕун устата эмтэнэн кэлбит кистэлэӊнэрин дьон ааҕан туһаныа диэн суруйбут.
Киһи доруобуйата кини тугу сиириттэн, хайдах аһыырыттан быһаччы тутулуктаах. Онон ыарыы бохсор күүһүн билбит киһи аһылыгын кытаанахтык көрүнэн сөпкө аһыырга дьулуһуохтаах. Бу кинигэҕэ киирбит ыстатыйаларга таба аһыыр туһунан сүбэлэр-амалар, анал үөрэхтээх дьон ыйыылара-кэрдиилэрэ киирдилэр.
Отунан-маһынан эмтэнии өбүгэ саҕаттан бара. Бу үлэ ол үгэскэ уонна научнай төрүккэ тирэҕирэн сурулунна. Онон кинигэ хас биирдии саха киһитэ ийэ айылҕа баайын-дуолун, күөх эйгэ күндү бэлэҕин таба туһанарыгар үөрэтиэҕэ, чөл олоххо сирдиэҕэ.
В. А. Кондаков «Сахалыы эмтээһин кута-сүрэ» кинигэтэ ааҕааччы киэӊ биһирэбилин ылан, кинилэр көрдөһүүлэринэн иккистээн бэчээттэннэ.
Ааптар бу үлэтигэр «Туох кэмӊэ олоробутуй?» диэн саха норуотун инники дьылҕатын анааран ырытар философскай көрүүтэ эбии киирдэ.
Народным целителем современности по архивам восстановлены рецепты и советы народной медицины прошлых веков. Многие приемы, методы, рецепты врачевания народа саха XVII-XIX вв. сохранились в практике народных ценителей сегодняшнего дня, обогатившись за счет научной медицины и диагностики. Большинство лечебных средств, целебных трав, продуктов животного происхождения доступно людям, проживающим в любом уголке России.
Араас ыарыыны судуругутук эмтииргэ, эми туһаммакка эрэ үтүөрэргэ уонна уталытыллыбыт быһыыга-майгыга бастакы медицинскэй көмөнү оӊорорго Су Джок эмтэнии ньымалара уустуга суохтар, элбэх ороскуоту, медицинаҕа дириӊ билиини эрэйбэттэр, туттуллар инструменнара боростуойдар.
Книги можно предварительно заказать и одолжить в любой городской или пригородной библиотеках, где вы записаны.